Алтаайдааҕы мэдиссиинэ судаарыстыбаннай университета
Алтаайдааҕы мэдиссиинэ судаарыстыбаннай университета «Алтайский государственный медицинский университет» Министерства здравоохранения Российской Федерации (ФГБОУ ВО АГМУ Минздрава России) | |
---|---|
Аан дойдутааҕы аата | Altai State Medical University (ASMU) |
Урукку аата | Алтайский государственный медицинский институт им. Ленинского комсомола (АГМИ им. Ленинского комсомола) |
Олохтоммут сыла | 1954 |
Көрүҥэ | высшее учебное заведение |
Салайааччы | Ирина Игоревна Шереметьева |
Устудьуоннара | 5000 кэриҥэ |
Преподавателлэрэ | 450 кэриҥэ |
Турар сирэ | Барнаул |
Аадырыһа | 656038, Россия, Барнаул, Ленин пр., 40 |
Биики Хааһахха сытар билэлэр |
Алтаайдааҕы мэдиссиинэ судаарыстыбаннай университета — Барнаул куоракка баар доруобуйа харыстабылын уонна мэдиссиинэ эйгэлэригэр үрдүк үөрэх тэрилтэтэ.
1954 с. атырдьах ыйын 7 күнүгэр төрүттэммит. Арҕаа Сибииргэ бастыҥ медицинскэй университеттартан уонна академиялартан биирдэстэрэ[1]. Университетка Арассыыйаттан уонна тас дойдулартан 5000 устудьуоннар, ординатордар уонна аспираннар үөрэнэллэр. Ону кытта, университет эбии профессиональнай уонна тиһигэ быстыбат медицинскэй үөрэхтээһини, медицина уонна фармация үлэһиттэрин бэлэмнииргэ, хос бэлэмнииргэ ыытар.
Толору аата: Бэдэрээлинэй судаарыстыбаннай бюджетнай үрдүк үөрэхтээһин тэрилтэтэ Арассыыйа Бэдэрээссийэтин доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин "Алтаайдааҕы мэдиссиинэ судаарыстыбаннай университета"[2]. Ректор эбээһинэһин толорооччунан, билиҥҥи кэмҥэ, профессор Шереметьева Ирина Игоревна үлэлиир.
Устуоруйата
1954 с. атырдьах ыйын 7 күнүгэр тахсыбыт РФ Миниистирдэрин Сэбиэтин 8651 нүөмэрдээх уурааҕынан университет, Алтаайдааҕы судаарыстыбаннай медицинскэй институт (АГМИ) диэн аатынан төрүттэммитэ. Ол эрээри, төрөөбүт күнүнэн, 1954 сыл алтынньы ый 1 күнэ, оччотооҕу соҕотох факультет бастакы 250 устудьуона үөрэхтэрин саҕалаабыт күнэ ааҕыллар. 1960 с. бастакы быраастар үөрэхтэрин бүтэрбиттэрэ.
1978 с. институтка Ленинскай комсомол аата иҥэриллибитэ. Институт 1994 с. университет статуһун ылбыта.
Тутула
Билиҥҥи кэмҥэ АГМУга 6 факультет, 38 теоретическай уонна клиническай кафедра, үлэ практикатын ыытарга Алтаайскай кыраай сиригэр 151 база, икки специализированнай филиаллаах аналлаах симуляционнай киин, 3 институт, 3 клиническай научнай лаборатория, элбэх хайысхалаах бэйэтэ бас билэр клиникалара: Консультативно-диакгностическай киин, Профессорскай клиника, Стоматологическай поликлиника бааллар[3].
Лечебнай факультет
1954 с.төрүттэммит кырдьаҕас факультет, Алтайскай кыраайга баар үрдүк үөрэх тэрилтэлэригэр саамай улахан факультет. Оттон, Арассыыйа бэдэрээссийэтигэр бар үрдүк үөрэх тэрилтэлэригэр биир улаханнара буолар. 1966 сылга диэри соҕотох факультет этэ. 6 кууруска, холбоон 2,7 устудьуон үөрэнэр. Устудьуоннар 75 дисциплинаҕа университет корпустарыгар уонна эмтиир тэрилтэлэр базаларыгар быраас идэтин ыларга үөрэнэллэр. Билиҥҥи кэмҥэ, сыл аайы 600 киһи үөрэххэ ылыллар.
Педиатрия факультета
1966 с.арыллыбыт. Билиҥҥи кэмҥэ, сыл аайы 150 киһи үөрэххэ ылыллар. Факультетка 700 устудьуон педиатр идэтигэр үөрэнэллэр.
Стоматология факультета
1990 с.арыллыбыт, оттон 2002 с.факультет базатыгар университет стоматологическай поликлиниката арыллан үлэлээбит. АГМУ стоматологическай факультета арыллыаҕыттан, 1000 стоматолог бырааһы бэлэмнээн таһаарбыт. Билиҥҥи кэмҥэ факультетка 550 устудьуон стоматолог быраас идэтигэр үөрэнэллэр. Сыл аайы, 150 киһи үөрэххэ ылыллар.
Фармацевтика факультета
1975 с.арыллыбыт. Сыл аайы 50 киһи үөрэххэ ылыллар. Фарм.факультет арыллыаҕыттан, Алтаайскай кыраайга уонна кини тас өттүгэр үлэлии сылдьар 4000 провизоры бэлэмнээн таһаарбыт.
Медико-профилактическай факультет
2001 с. Алтай уонна Тыва өрөспүүбүлэкэлэрин санитарнай сулууспаларын үлэһиттэринэн хааччыйарга аналлаах арыллыбыта. Факультет ыарыыны сэрэтэр медицина эргимтэтин үлэһиттэрин - гигиенистары уонна эпидемиологтары бэлэмниир. Арыллыаҕыттан, медико-профилактическай профильлаах 300 эдэр специалиһы бэлэмнээн таһаарбыт. Сыл аайы 50 киһи үөрэххэ ылыллар.
Тас дойдулартан үөрэнэр устудьуоннар факультеттара
Факультет, 2016 с. АГМУ Учуонай сэбиэтин быһаарыытынан арыллыбыт. Устудьуоннар үгүстэрэ(320 киһи)икки тыллаах программаларынан "Лечебное дело", "Стоматология", "Фармация" диэн идэлэргэ үөрэнэллэр.
Ординатура программатынан үрдүк квалификациялаах үлэһиттэри бэлэмнээһин уонна выпусниктары үлэнэн хааччыйыы салайар салаа
1958 с.ординатураҕа үөрэтии саҕаламмыт. 1972 с. саҥа структура-интернатура төрүттэммит. 2016 с.интернатура салаата сабыллыбыт. 2017 с. тохсунньуттан үрдүк квалификациялаах үлэһиттэри ординатура программатынан бэлэмниири уонна выпусниктары үлэнэн хааччыйары салайар салаа диэн буолбут.
Идэҕэ эбии үөрэхтээһин института
Институт профессиональнай үлэ саҥа көрүҥнэрин баһылыырга специалистар эбии билиини, сатабылы уонна үөрүйэҕи ылыналларыгар эбии үөрэхтээһини ыытар, квалификацияларын үрдэтэр соруктанан саҥа программаларынан, теоретическай уонна практическай билиилэрин хаҥатар. Бу барыта 34 специальностарга, бюджет нөҥүө ыытыллар. Оттон, дуогабарынан 70 специальноска ыытыллар.
Үөрэх
Университетка билигин 450-тан тахса преподаватель үлэлиир. Кинилэртэн 80% учуонай истиэпэннээхтэр. Хас 5-ис киһи - наука дуоктара. 2 киһи АНА чилиэн-кэрэспэдьиэнэ, 2 киһи Арассыыйа үтүөлээх диэйэтэлэ бэлиэлээхтэр, 121 наука дуоктардара, 330 наука кандидаттара, 31 Арассыыйа үтүөлээх быраастара, 12 Арассыыйа үрдүкү оскуолатын үтүөлээх үлэһиттэрэ.
Устудьуоннар уопсай ахсааннара 5000 киһи. Сыл аайы, специалитет программатынан үөрэнэргэ 1200 киһи, клиническай ординатураҕа 250-тан тахса киһи, аспирантураҕа 10 киһи үөрэххэ ылыллара былааннанар. Тас дойдуттан үөрэнэр устудьуоннар ахсааннара 350 киһи.
Рейтинэ
PAEX агенство сыл аайы таһаарар "Топ-100 вузов России" рейтинигэр, 2015 с. АГМУ 82-с миэстэҕэ этэ, 2016 с. 83-с миэстэ, 2017 сылтан ити рейтиҥҥэ киирбэт. Ол кини үөрэҕин хаачыстыбата, научнай потенциала, материальнай базатын кыаҕа намтаабытын көрдөрөр. ARES-2019(Academic Ranking of World Universities-European Standard) АРМУ 200 иһигэр киирэн 98-с миэстэлээх. Forbes экономическай сурунаал рейтинигэр, АГМУ 32-с миэстэҕэ турар. Арассыыйа национальнай рейтинигэр("Социальнай навигатор" бырайыак)АГМУ 48 медицинскэй үрдүк үөрэх тэрилтэлэрэ киирбит бастакы бөлөххө баар.
Сигэлэр
- Университет ситим-сирэ
- АГМУ дистанционнай үөрэҕин платформата
- АГМУ Вконтакте
- АГМУ-га киирээччилэргэ Вконтакте
Быһаарыылар
- ↑ История АГМУ. asmu.ru. Тургутулунна 9 Кулун тутар 2019.
- ↑ АГМУ. Сведения об образовательной организации. asmu.ru. Тургутулунна 9 Кулун тутар 2019.
- ↑ Структура и органы управления образовательной организацией. asmu.ru. Тургутулунна 10 Кулун тутар 2019.