Алексей Сиднев
Алексей Владимирович Сиднев – Senior Group (www.seniorgroup.ru) аахсыйалаҕа уонна генеральнай дириэктэрэ, түмэт урбаанньыт, “Мир старшего поколения” диэн аҕа саастаах уонна кырдьаҕас дьон олоҕун-дьаһаҕын тупсарарга туһуламмыт кэмиэрчэскэйэ суох холбоһук төрүттээччитэ уонна бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ; Москубатааҕы Норуоттар икки ардыларынааҕы үнүбэрсиэт Выпускниктарын ассоциациятын бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ; саҥа саҕалаан эрэр урбаанньыттар настаабыньыктара (ментор).
Алексей Сиднев Tuck School of Business at Dartmouth оскуолатыгар үөрэнэ МВА истиэпэнин ылбыта.
1999 сылтан 2007 сыллаахха диэри Booz & Co диэн транснациональнай стратегическай хампаанньа Лондоннааҕы салаатыгар менеджер, кэлин алын партнер дуоһунаһыгар үлэлээбит. Кини бырайыактара Холбоhуктаах Арааб Эмираттарын бөдөҥ национальнай ниэп хампаанньаларын үлэһиттэрин олохторун-дьаһахтарын уонна үлэлиир усулуобуйаларын тупсарыыга, Таиланд кыаммат араҥатын баан өҥөтүнэн хааччыйар анал кииннэри тутууһа, Улуу Британия биэнсийэҕэ судаарыстыбаннай сулууспатын үлэтин оптимизацияҕа туһуламмыттара.
Алексей Сиднев “Серебряный век” диэн кырдьаҕас дьоннору көрөр-харайар пасионаттар тутууларын бырайыактаабыта.
2007 сыллаахтан кырдьаҕастары көрүү, фармацевтическай дистрибуция уонна девелоппмент эйгэтигэр кыттыгас тэрийээччи, партнер.
Кэргэннээх, кыыстаах уонна уол оҕолоох.