Алев Алатлы

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Алев Алатлы
Төрөөбүт күнэ: 1944 сыл
Дьарыга: Суруйааччы

Алев Алатлы (төр. 1944, Менемен) — турок экономиһа, Турция XX үйэтээҕи бөлүһүөгэ, колумнист уонна суруйааччы.

Олоҕун кэпсээнэ

1944 сыллаахха Менемен куоракка офицер дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт. Аҕата посольствоҕа байыаннай атташе буолан, оҕо сааһа Японияҕа ааспыт[1]. Японияҕа эмиэрикэ оскуолатын бүтэрбит, ол кэннэ кини дьиэ кэргэнэ Турцияҕа төннөн, онно олохсуйбуттар. Кини 1963 сыллаахха Ближневосточнай технический университеты бакалавр истиэпэннээх түмүктээбит[1].

Университет кэннэ Алев үөрэнэ сылдьан билсибит киприот-турок Альпер Орхон диэн киһиэхэ кэргэн тахсар. Онтон сотору буолаат, кэргэнинээн иккиэн Фулбрайт уонна Форд фондатын стипендиятын ыланнар, үөрэхтэрин АХШ сиригэр салгыыр кыахтаналлар. Манна тирэҕирэн, Алев искусство магистра аатын Вандербильт университетыгар көмүскүүр[1].

Кэлин философияны эмиэ анаан үөрэппит. АХШ Нью-Гэмпшир штатыгар Дартмут колледжыгар үөрэнэ сылдьыбыт. Кини докторскай диссертацията философия уонна итэҕэл историятыгар анаммыт[1].

1974 сыллаахха Турцияҕа төннөн кэлбит. Стамбул университетыгар преподаватель быһыытынан уонна государственнай былааннааһын тэрилтэтигэр экономиһынан үлэлээбит[1].

Беркли Калифорнийскай университетын психолингвистичесай бырайыагар кыттан, турок оҕолоро тылы хайдах үөрэтэллэрин чинчийбит. «Cumhuriyet» хаһыаты кытары «Bizim İngilizce» сурунал күн сирин көрөрүгэр көмөлөспүт.

Айар үлэтэ

1982 сыллаахтан анаан-минээн айымньы, кинигэ суруйуутунан дьарыктанар. Алев бастакы кинигэтэ «Aydın Despotizmi…» (Өй деспотизма) философскай чинчийии.

Иккис кинигэтэ 1985 сыллаахха күн сирин көрөр. «Yaseminler Tüter mi Hala?» диэн уус-уран арамаан. Бу айымньыга дьиҥнээхтии буола сылдьыбыт түгэннэр грек киприоткатын олоҕуттан киирбиттэр. Кини кипр православнай Апостол Андрей манастыырыгар сүрэхтэммит. Иккитэ кэргэн тахса сылдьыбыт, бастакы кэргэнэ мусульман-турок, иккиһэ — православнай итэҕэллээх грек киһитэ. Кини биэс оҕотун тулаайах хаалларан 32 сааһыгар өлбүт.

Онтон салгыы Алев эмиэрикэ литературоведа Эдвард Саид «Освещение ислама», «Палестинский вопрос» үлэлэин тылбаастаабыт. Бу тылбаас иһин кини Ясир Арафат илиититтэн мэтээл тутар.

1987 сыллаахха «İşkenceci» арамаанын суруйан бүтэрэр. Бу арамаан түөрт кэлин суруллубут арамааннарга киирии курдук буолбута, «Viva la Muerte! — Yaşasın Ölüm!» (1992), «Nuke Türkiye!» (Nuke Turkey (1993), «Valla, Kurda Yedirdin Beni!» (1993) уонна «O.K. Musti! Türkiye Tamamdır» (1994).

1995 сыллаахха Алев «Kadere Karşı Koy A.Ş.» арамаана бэчээттэнэр.

1999 сыллаахха «Eylül 98» (балаҕан ыйа 1998) бастакы хоһооннорун хомуурунньуга бэчээттэнэр.

Кэлин «Kabus» (Кошмар, 1999) уонна «Rüya» (Ыра, 2000) арамааннары суруйар уонна холбоон «Кот Шрёдингера» диэн аатынан бэчээттэтэр.

2002 сыллаахтан «Zaman» хаһыакка тустаах колонканы үлэлэтэр. 2003 сыллаахха хаһыакка суруйбут ыстатыйалара «Şimdi Değilse, Ne zaman?» (Билигин буолбатаҕына хаһан?) диэн ааттанан туспа кинигэнэн бэчээттэнэллэр. 2008 сыл олунньу ыйыгар тюрбан кэтэр дьахталлар туһунан суруйуутун хаһыат сүрүн эрэдээктэрэ бэчээккэ ыыппатаҕа биллэр, онно сүрүн төрүөтүнэн «ааҕааччы манныкка бэлэмэ суох» диэн быһаарыллар[2].

Примечания

  1. 1,0 1,1 1,2 1,3 1,4 Biography. Alev Alatlı. Тургутулунна 3 Тохсунньу 2010.(киириллибэт сигэ)
  2. "Alev Alatlı'nın yazısı Zaman'a girmedi" (in Turkish). Haber Türk. 2008-02-19. http://www.haberturk.com/haber.asp?id=56580&cat=140&dt=2008/02/19. Retrieved on 2010-01-03. (кыаллыбат сигэ)