Алгыс туһата

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Алгыс үчүгэйгэ ыҥырарга, киһилии санаалары киллэрэн биэриигэ туһалаах.

Аныгы дьон алгыс туохха аналлааҕын ситэ өйдүү, олохторугар табан туһанарга үөрэнэ иликтэр. Ол барыта саха тылын олохтон туората, мөлтөтө сатааһынтан тутулуктаах этэ. Алгыс дьайыытын күүһүн ситэ билбэт, сыаналаабат буолуу, алгыс киэҥник туттуллуутун мэһэйдиир.

Россияҕа саҥа үйэ, демократия үөскээһинэ урукку хааччахтары төлөрүтэн омуктар тылларын сайдыытын көҕүлээтэ. Омук тыла дьон олоҕун сиэригэр ордук сөпкө түбэһэр, өйдөрө-санаалара сайдыытыгар, баҕа санаалара туолуутугар көмөлөһөр буоллаҕына салгыы сайдар кыаҕа кэҥээтэ. Саха тыла олус былыргы төрүттээх тыл буолан дьон өйдөрүн-санааларын сайдыытын табатык быһаарар уратыта бииртэн-биир арыллан иһэр.

Сахалар былыр-былыргыттан алгыс тылларын тутталлар. Биирдиилээн да дьоҥҥо туһаайан, бэйэлэригэр анаан-минээн этэллэр эбэтэр улуу ыһыахтарга сүүһүнэн киһиэхэ анаан, бу дьон санааларын кыайыылаах үлэҕэ, ситиһиигэ салайаллар. Кимиэхэ, туохха эмэ үтүөнү, ситиһиини баҕарыы; ону этэр тыллар алгыс тыллара эбиттэр. (1,17).

Саха дьоно саныылларынан киһини санаата салайар. Оҕо хайдах санаалаах киһи буола улаатар даҕаны соннук дьыалалары оҥорор буолар. Сахалар оҕону иитиигэ уонна үөрэтиигэ ордук улахан оруолу уураллар. Сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ быһаарарынан алгыс тыллара киһи санаатын салайыыга тыл күүһүн туһаналлар. Үтүөҕэ баҕарар, ыҥырар тыллар киһи өйүгэр-санаатыгар дириҥник хатанан, үтүө санааны уһугуннаран, үтүөнү оҥорор буолуутугар тириэртэхтэринэ алгыс тиийдэ диэн этиллэр.

Билигин сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ киһиэхэ алгыс хайдах дьайарын үөрэтэр. Саҥа күн алгыһынан саҕаланнаҕына, элбэх ситиһиилээх буоларын хас саха киһитэ барыта билэр. Үтүөнү, үчүгэйи оҥорор санаа киһиэхэ баар буоллаҕына эрэ киһи үтүө дьыалалары оҥороро кыаллар. Алгыс этэн киһиэхэ үтүө, үчүгэй санаалары үөскэтии кэлин кэмҥэ, атеистическай өй-санаа, материализм баһылаан, суолта биэрбэккэ туоратаннар, туттуллубат буола сылдьыбыта.

Сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ сахалар таҥараларын күүһэ алгыс тылларынан этиллэн киһи санаатыгар быһаччы дьайарын быһаарар.

Бу быһаарыы алгыс тыллара киһи өйүгэр-санаатыгар дьайаннар баҕа санааны, ол баҕа санааны ситиһэ сатааһыны үөскэтэллэригэр олоҕурар. Киһиэхэ үчүгэйи ситиһэ сатааһыҥҥа баҕа санаа үөскээтэҕинэ, ол баҕа санаатын толороору, ситиһээри үчүгэй быһыылары оҥороро быһаарыллар. Киһи санаата киһини сирдээн иһэр күүс буоларын сахалар былыр-былыргыттан билэннэр алгыстарын киһи санаатын салайан биэриигэ туһаналлар.

Саха дьоно бэйэлэрин үчүгэйи баҕарар санааларын уус-уран тылынан этэннэр атын дьон санааларын көтөҕөллөрүн, күүһүрдэллэрин аата - алгыс буолар. Алгыс аҥардастыы үчүгэй эрэ өйдөбүллээх тыллартан хомуллар. Куһаҕан өйдөбүлэ элбэх айыы диэн тыл алгыска туттуллубат. Элбэх ахсааннаах оҥорор, тутар үлэһиттэр тыл үөрэхтээхтэрин албыннарыгар киирэн биэрбэттэр.

Атын омуктар таҥаралара бары улахан диктатуралар күүстэринэн үөскээбит буоланнар дьону барыларын өйдөрүн-санааларын биир халыыпка киллэрэн, итэҕэйэр өттүлэрин хам баттыырга туһуланаллар. Кинилэр таҥаралара ол иһин олус улаатан, ураты күүстээх курдук буолан хаалбыт. Олус күүстээх бу таҥаралартан дьон көрдөһөр, көмө көрдүүр эрэ кыахтаналлар. Таҥараттан көмө көрдөөннөр бэйэлэрин санааларын син-биир өрө көтөҕөллөр, күүһүрдэллэр, санааларын күүһүгэр, таҥара эбии биэрдэҕинэ, эбиискэ күүс киллэриммит курдук сананаллар.

Билигин олохпутугар нууччалыы да тылынан элбэхтик этиллэр үтүөнү баҕарар тыллары истэбит. Бу үтүөнү баҕарыылар барылара ким эрэ аҕалан дуу эбэтэр көҥүллээн дуу биэрэрин курдук өйдөбүллээхтэр. Оннук өйдөбүлү олус улаатан, үрдээн хаалбыт православнай таҥара дьиэтэ уонна урукку кэмҥэ ыраахтааҕы уһун кэмҥэ норуоттарын өйдөрүн-санааларын хам баттаан иҥэрбиттэр. Кимиэхэ эмэҕэ үчүгэйи, үтүөнү аҥардастыы Христос таҥара эбэтэр ыраахтааҕы эрэ биэрэрин курдук өйдөбүл үөскээбит. Онтон, ким эрэ ылан дуу, аҕалан дуу биэрэр үчүгэйэ сахалыы алгыс өйдөбүлүгэр уонна саха дьонун олохторун сиэригэр сөп түбэспэттэр.

Саха дьоно алгыс көмөтүнэн бэйэлэрин санааларын көтөҕөр, күүһүрдүнэр ньымалара ити православнай таҥара туттар ньыматынааҕар атын, ураты. Ол уратыта алгыс тыллара киһи бэйэтин санаатыгар дьайан, киһи бэйэтин санаатын көтөҕөргө, күүһүрдэргэ аналланарыгар саһан сылдьар. Алгыс тыллара киһи бэйэтин санаатын көтөҕөргө, күүһүрдэргэ аналланар буоланнар «Ситиһиилэн, кыаҕыҥ эбилиннин, санааҥ көтөҕүлүннүн, күүскэр күүс киирдин» диэн ыҥырар, батыһыннарар тылларынан доҕуһуолланаллар. Алгыс тыллара киһиэхэ бэйэтин күүһүгэр-кыаҕыгар эбии күүстээх, үчүгэйгэ ыҥырар санаалары үөскэтэллэр.

Алгыс тылынан этиллэр буолан, туох күүстээҕэ барыта тыл күүһүнэн бэриллэр. Алгыс тылын күүһэ киһи саныыр-санаатын салайан, ылыммыт сыалыгар түмэн, кыайыыны ситиһэригэр кыаҕын элбэтэр. Киһи олоҕор саныыр-санаата ханнык оруолу ыларын былыргы сахалар үчүгэйдик билэллэрин алгыс этиитин киэҥник туһанар эбиттэрэ быһаарар.

«Алгыс аалы хамсатар» диэн сахалар этэллэр. Алгыс киһи санаатын түмэр, ылыммыт сыалыгар туһаайар уратыта санаатын күүһүрдэн бэйэтигэр күүһэ эбиллиитин үөскэтэр. Киһи тугу оҥороро барыта алгыстан саҕаланар буоллаҕына, ситиһиилээхтик түмүктэнэр кыаҕа хас да төгүл улаатар. Ол барыта киһи санаата биир сыалга түмүллүүтүн күүһүнэн ситиһиллэр.

«Доруобай буол», «Этэҥҥэ сырыт», «Үчүгэйдик олоруҥ»,-диэн этиилэри билэр дьоноругар анаан куруук тутталлар. Бу алгыс тыллара. Киһиэхэ үчүгэйи, үтүөнү баҕаран этиллэр тыллар.

Саха дьонун олохторун сиэрэ, үөрэҕэ, үгэстэрэ «Аймах-билэ дьонун, төрөппүттэрин ааттарын-суолларын түһэн биэримэ» диэн этиигэ олоҕурар. Бу этии алҕааһын биир көрүҥэ. Оҕо аан маҥнай төрөппүтүн курдук өйдөөх-санаалаах киһи буола улаатан тахсыахтааҕын оҕолорун өйдөрүгэр-санааларыгар иҥэрэр алгыс тыллара эбиттэр.

«Киһилии киһи буол», «Үчүгэй киһи буол», - диэн баҕа санааны этэр алгыс тыллара оҕоҕо тиийэн, улахан киһи оҥорор дьыалалара өйүнэн-санаанан салаллалларын уонна киһи хаһан даҕаны киһилии быһыыны, сиэри аһара барбакка сылдьарыгар ыҥыраллар.

Алгыс - үчүгэйи баҕарар тыллар бөлөхтөрө. Ыарыыттан эмтиир, харыстыыр, дьон куһаҕан тылларыттан көмүскүүр тыллар - алгыс тыллара буолаллар. Тыллар киһи өйүгэр-санаатыгар иҥэннэр гипностуур, санааларын уларытар дьоҕурдарын туһаныы үчүгэйгэ, үчүгэйи оҥорууга аналланар буоллахтарына алҕааһын диэн ааттанар.

Сахалар ортолоругар талааннаах, ыраас үчүгэй санаалаах алгысчыт дьон элбэхтэр. Бэйэлэрэ күүстээх санаалаах, атын дьону сирдиир батыһыннарар кыахтаах дьон, өйдөрүн-санааларын күүһүттэн атын дьоҥҥо көҥүл бэрсиэхтэрин сөп. Алгысчыт дьон баар буолуулара үгүс, бэйэлэрин өйдөрө-санаалара ситэ күүһүрэ илик, атын киһи көмөтүгэр наадыйар дьоҥҥо ураты көмөлөөх. Саха толкуйунан, алгыс ылыннарыылаах тылын күүһэ алгыс этэр киһиттэн быһаччы тутулуктаах. (2,116).

Алгыс киһи санаатын көтөҕөр, күүркэтэр, күүһүгэр күүс эбэр дьайыытын туһаныы олоххо элбэх кыайыылары ситиһиигэ туһалыыр. Үтүөҕэ баҕарыы алгыһынан бэриллэн, киһи өйүгэр-санаатыгар киирэн иҥэн, соннук үчүгэй санаалары үөскэтэр. Саха дьоно «Алгыс баһа сыалаах» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Үчүгэйи баҕарыы үксүгэр туолар. Дьон бары бэйэ-бэйэлэригэр үчүгэйи баҕардахтарына, үтүө быһыы үксүүр. «Атын дьон үчүгэйи баҕардахтарына, эйиэхэ үчүгэй буолуо»,- диэн сахалар үөрэхтэрэ этэр. Алгыс көмөтүнэн үчүгэй быһыы үксүүр, кыайыы-хотуу, ситиһии эбиллэр кыахтаах.

«Олох ыарахан»,- дииллэр. Киһи эдэр эрдэҕинэ олоҕу ситэ сыаналаабат буола, барыта бэлэмҥэ үөрэнэн хаалыыта бу этиини ордук уустугурдар, таба өйдөммөт оҥорор. Киһи сааһыран истэҕинэ олох ыараханын бэйэтин этинэн-сиининэн билэн иһэр. Киһилии киһи буолан олоҕу дьоһуннаахтык олорорго, бэйэ өйүнэн-санаатынан олоххо үөскүүр ыарахаттары тулуйан туоруурга, күүстээх санаалаах буолуохха наада. Киһиэхэ эрэ барыларыгар күүстээх санаа айылҕаттан кыайан бэриллибэтэ, кыахтаах өттүлэрэ атыттарга хайаан да көмөлөһөллөрүн эрэйэр. Алгыс этиитэ ити сыалы толорорго аналланар. Кыахтаах, күүстээх санаалаах киһи алгыс этиитэ дьон бары санааларын көтөҕөр, күүстэригэр күүс эбэр аналлаах.

Кут-сүр үөрэҕэ быһаарарынан алгыс ураты суолталаах. Алгыс этиитинэн киһиэхэ дьол суола арыллар. Кини баҕата туоларыгар олук ууруллар. Дьол - диэн киһи баҕа санаата туолуута буолар. Алгыска куһаҕана элбэх айыы диэн тылы суолтатын билбэт дьон туһана сатыыллар. Айыы буолуу диэн киһи өллөҕүнэ, өйө-санаата Үөһээ дойдуга көттөҕүнэ биирдэ кэлэр өйдөбүл буолар.

Алгыс тылларын истии, алгыс баҕатын толорор буолуу сахалыы таҥараҕа тиксиигэ тэҥнэнэр. Киһиэхэ үчүгэйгэ баҕарар санааны үөскэтэр, күүһүрдэр буолан алгыс киһини үчүгэйи оҥорууга сирдиир ураты күүстээх. Сахалыы таҥараҕа тиксии – алгыһы истэн иҥэринии, оннук үгэс үөскээһинэ буолар.

Атын омуктар таҥараларын үлэһиттэрэ киһини ол таҥараҕа бас бэринэргэ ыҥырар буоллахтарына сахалар таҥаралара киһи бэйэтин өйүн-санаатын бөҕөргөтөргө, бэйэтигэр күүс-күдэх эбэргэ аналланар. Саха дьонун таҥаралара диктатура көрүҥэ суох, ол аата хас киһи баҕа санаатын хам баттыыр, ханан да хааччахтыыр, бэйэтигэр бас бэриннэрэр өйдөбүлэ суох. Ол оннугар киһи бэйэтин санаатын көтөҕөрүгэр, күүһүрдэригэр ыҥырар.

«Киһиэхэ үчүгэйи санаа, бэйэҕэр үчүгэй буолуо»,- диэн этии саха дьонун баҕа санаалара. Бу этии алгыс киһи санаатынан эмиэ бэриллэрин быһаарар. Билигин ойуун дьайар күүһэ туох күүс буолара биллибитин кэннэ «Киһини санаата салайар» диэн этии ордук чуолкайдык арыллар. Сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ киһини санаата салайарын быһаарар. Санаа, баҕа санаа, ыра санаа киһи иннигэр, бастаан иһэр буоланнар киһини ол диэки салайаллар. Алгыс киһи санаатын салайан, наадалаах сирин диэки туһаайан биэрэр уратыта сахалар таҥаралара киһиэхэ үтүөнү, үчүгэйи баҕарыы, олору оҥоруу буоларын быһаарар.

Атын киһи үчүгэйи, үтүөнү баҕарар күүстээх баҕа санаата тиийэн киһиэхэ соннук өйү-санааны иҥэриитин санаа көтөҕүүтэ диэн ааттыыбыт. Киһиэхэ үчүгэй санаа киирдэҕинэ, кыаҕа, күүһэ кытта эбиллэр. Билигин саха дьонугар алгыс күүһүн таба туһанар буолуу тэнийдэҕинэ дьон санаата биир сыалга түммүллэр, сахалар таҥаралара күүһүрэр. (3,5).

Туһаныллыбыт литература

1. П.С.Афанасьев, П.А.Слепцов, В.И.Лиханов и др. Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта. / П.С.Афанасьев редакциятынан - Дьокуускай: «Бичик» нац.кинигэ, кыһата, 1994.- 264 с.

2. Бравина Р.И. Киһи уонна дьылҕа. Дьокуускай: Бичик, 2002. - 160 с.

3. Каженкин И.И. Тыл - санааны салайар. - Дьокуускай: Триада, 2003. - 76 с.