Айыы өйдөбүллэрэ
Айыы диэн киһи оҥорор быһыытын, үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсарын биллэрэр, икки өрүттээх өйдөбүллээх тыл.
Ай диэн сахаларга өйү-санааны, салгын кут сайдарын быһаарар тыл. Бас иһигэр саныыр санаалары ай диэн тылынан этиллэр. Бу санааны илэтигэр оҥорон таһаардахха айыы буолар. Ай диэн тылбытыгар "ыы" диэн ытааһын дорҕооно эбиллиитэ бу тыл куһаҕан өрүтэ элбээбитин быһаарар. Айыы диэн тыл биллэр суолталара манныктар:
1. Айыы диэн саҥаны айыы, дьон билбэттэрин, оҥорботторун оҥоруу, үйэлэргэ олохсуйбут үгэстэри – сиэри кэһии, таһынан барыы буолар. Бу кэмҥэ айыы үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана өссө биллибэккэ эрэ сылдьарынан айыы диэн тыл бэйэтинэн туттуллар, икки өрүтүн иккиэннэрин илдьэ сылдьар.
2. Үчүгэйи, дьоҥҥо туһалааҕы айыы. Үрүҥ айыы диэн үчүгэйэ быһаарыллан, араарыллан ааттанар.
3. Куһаҕаны, дьоҥҥо буортулааҕы айыы. Хара айыы диэн туоратан, куһаҕанын биллэрэн этэллэр. (1,32).
4. Үчүгэй буолуо диэн санааттан айыыны оҥоруу табыллыбакка хаалан куһаҕан буолан тахсыыта.
5. Саҥаны айыыны, уратыны оҥоро охсоору тиэтэйии, ыксааһын сыыһа-халты туттунууну элбэтэн, куһаҕаны үксэтиитэ. (2,57 столб.).
6. Өлбүт киһи ураты, атыттарга маарыннаабат өйө-санаата Үөһээ дойдуга тахсан айыы буолан сылдьыыта. (3,71).
Айыы диэн тыл “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа тутугугун быһаарар этиигэ сөп түбэһэн куһаҕан уонна үчүгэй өйдөбүллээх, киһи өйө-санаата уларыйарын биллэрэр суолталаах.
Айыы диэн тыл итинник биллэр суолталардааҕыттан биир эрэ суолтата үчүгэйи оҥорууга аналланарыттан айыы диэн тыл куһаҕана элбэх тыл буолар.
Айыы диэн тыл элбэхтик туттуллубат, улаханнык этиллибэт ыарахан, киһини куһаҕаны оҥорууга үтүрүйэн кэбиһэр тыл. Сахалар итини былыр-былыргыттан билэн, арааран оҕолору “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн этэн үөрэтэллэр. Оҕолор көрсүө, сэмэй буолууга иитилиннэхтэринэ, үөрэннэхтэринэ сыыһа-халты туттуналлара аҕыйыырын туһаналлар. (4,28).
Эдэрдэр үчүгэйи уонна куһаҕаны ситэ арааран билбэттэриттэн, барыны бары, саҥаны айыыны, уратыны оҥоро сатыылларыттан, тиэтэйэллэриттэн, ыксыылларыттан сыыһа-халты туттуналлара элбиириттэн харыстаан сахалар “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн этэн үөрэтэллэр.
Биир эмэ киһи оҥорор саҥаны айыыта табыллан олоххо туһаны оҥороро биллэн дьон бары туһанар билиилэригэр кубулуйар. Онтон дьон бары саҥаны айыыга дьулустахтарына элбэх туһата суох, куһаҕаҥҥа тириэрдэр саҥаны айыылары оҥороллор. Онно эбии урутаан түһэр баҕа санаалара баарыттан тиэтэйэннэр, ыксааннар туһа буолуох курдуктары куһаҕаҥҥа кубулуталлар. Ол аата дьону барыларын айыыны оҥорууга ыҥырыы олус улахан сыыһа, өйү-санааны халытыы буолан дьону алдьатыылары оҥороллорун элбэтэриттэн сэрэхтээх буолуу ирлэнэр.
Айыы диэн тыл куһаҕан өрүтэ элбэҕин билинэн сахалар ыраахтааҕы баарын саҕанааҕы кэмҥэ туһаналларын Э.К.Пекарскай суруйбут.
Дьон олоҕор улахан сыыһаны оҥорбут сэбиэскэй былаас “айыыны үчүгэй” диэн дьону албынныы сылдьыбытын билигин кэлэн тыл үөрэхтээхтэрэ салҕаан иһэллэр.
Тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар, учуонайдар саха тылыгар иҥэн сылдьар өй-санаа өйдөбүллэрин аһара нууччатымсыйан хааланнар букатын билбэттэр. Ол иһин нууччалары быһаччы үтүктэн сахаларга суох “аньыы” диэн тылы булан туһаннара сатыыллар, сахалары албынныыллар.
Туһаныллыбыт литература
1. Афанасьев П.С. Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта. - Дьокуускай: Бичик, 2008. - 680 с.
2. Э.К.Пекарскай. Словарь якутского языка. Т. 1. Выпуски 1-4. Академия Наук СССР, 1958. - 642 с.
3. Каженкин И.И. Үрүҥ айыы буолуу. - Дьокуускай: ГУ РИМЦ, 2006. - 88 с.
4. Каженкин И.И. "Айыы диэмэ", "Айыыны оҥорума". - Дьокуускай: Компания "Дани АлмаС", 2012. - 152 с.