Айыы уратылара
Айыы уратылара диэн саҥаны айыы киһи олоҕор киллэрэр уларыйыыларыттан биллэр.
Сахалар олохторун, таҥараларын үөрэҕэр «Туох барыта икки өрүттээх» диэн олус дириҥ суолталаах этии баар. Бу этии киһи оҥорор бары быһыыларын таба быһаарарын тэҥэ, өй-санаа икки аҥы; үчүгэй уонна куһаҕан диэннэргэ арахсарын эмиэ быһаарар.
Киһи туох баар быһыытын барытын; үчүгэйин уонна куһаҕанын соҕотох мэйиитинэн ырытан, оҥорон таһаарарын холбуу быһаарар буолан айыы диэн тылбыт биир эрэ буолара табыллар.
Биир киһи оҥорор быһыылара икки аҥы; үчүгэйдээх уонна куһаҕаннаах, ол аата тус-туспа хайысхалаахтарыттан, бу тыл бэйэтэ икки өрүтүн холбуу иһэринэ сылдьара табыллар. Киһи өйүн-санаатын тутулуктарын былыргы сахалар ордук билэллэриттэн бу тыл саха тыла үөскүөҕүттэн ыла соҕотох.
Тыл иччитэ дорҕооннорунан дьайан киһи өйүн-санаатын уларытар. Саха тыла олус былыргы, дьон өйдөрө-санаалара саҥа сайдан эрдэҕинэ үөскээбититтэн дорҕооннорун дьайыылара бу тыл суолтатыгар сөп түбэһэллэрэ элбэх.
Саха тылыгар өйү-санааны быһаарар атын, саҥа тылы, «аньыы» диэни, нууччалары үтүктэн тылбыт үөрэхтээхтэрэ булан, туһаннара сатааһыннара саха дьонун көрдөрөн туран албыннааһын, балыйыы буолар. Хас эмэ тыһыынчанан сыллар анараа өттүлэригэр улуу ойууннар үөскэппит сахабыт тылыгар өйү-санааны быһаарар саҥа тылы булан киллэрэ сатааһын букатын табыллыбат, олус улахан сыыһаны оҥоруунан ааттанар.
Бу сэбиэскэй, өй-санаа үөрэҕин билиммэккэ эстибит дьон албыннарыгар киирэн биэрии улаатан иһэр оҕолор, ордук уолаттар өйдөрө-санаалара туруга суох буолуутугар тириэрдэр, саҥаны, киһи билбэтин, оҥорботун оҥоро охсоору сыыһа-халты туттунууга киирэн биэрэллэрэ элбиир.
Олорор олоххо уларыйыылары, саҥаны киллэрии, саҥаны айыы ханнык эрэ хамсааһыннары үөскэтэриттэн дьон олохторугар уларытыылары киллэрэриттэн саҥаны айартан, айыыны оҥорортон саха дьоно сэрэнэллэр, сэрэхэчийэллэр. Бары саҥаны айыылар айылҕаны алдьаталларын, буортулуулларын сахалар былыр-былыргыттан билэллэрин “Айыыны оҥорума” диэн үөрэх баара биллэрэр. Саҥаны айыы урут дьон оҥорботох, билбэтэх быһыылара буоларынан туох дьайыылааҕа, содуллааҕа ситэ биллибэтиттэн, айыыны оҥоруох инниттэн сэрэнэргэ, харыстанарга тиийиллэрин саха дьоно билэллэр.
Айыы диэн бэйэтэ да куһаҕан өттө баһыйар тыл. Бу тылы элбэхтик туттартан, улаханнык, дьыбардаахха саҥарартан сэрэнии ирдэнэр. Улуу Өктөөп өрө туруута олус улахан айыы, саҥаны олоххо киллэрии эбит буоллаҕына, куһаҕан өрүттэрэ 73 сыл буолан эрэ баран биирдэ арыллыбыттара остуоруйа үөрэҕин умнубут, билбэт, сэрэҕэ суох дьоҥҥо олох үөрэҕэ буолар. Өй-санаа, таҥара үөрэҕэ омук үйэтин тухары, хас эмэ уонунан, сүүһүнэн көлүөнэлэргэ дьайыыта салҕанан барыахтаах. Ханнык да сыыһата, халыйыыта, онтон-мантан булуута, эбиитэ суох буолара табыллар.
Саҥаны айыы киһиэхэ, кини олоҕор, Айылҕаҕа дьайыытыттан, туох уларытыылары киллэрэриттэн көрөн икки көрүҥҥэ арахсар:
1. Кыра айыы.
2. Улахан айыы.
Саҥаны айыы бу икки көрүҥнэрин уратыларын төһө кыахпыт тиийэринэн быһааран көрүөхпүт:
1. Соччо суолтата суох саҥаны арыйыы, айыы, киһи олоҕор ханнык да хамсааһыны, уларытыыны оҥорбот кыра, быстах дьыалаларга сыһыаннаһар буоллаҕына кыра айыы буолар.
Холобур, тыл үөрэхтээҕэ эбэтэр хайа эмэ суруйааччы биир эмэ саҥа тылы булбута дьон олохторугар ханнык да уларыйыыны киллэрбэт, истэн эрэ кэбиһиэхтэрин уонна сотору умнуохтарын сөп. Саҥа ырыаны, хоһоону айыы эмиэ оннук. Дьон ырыаны былыр-былыргыттан, саҥа саҥарар буолуохтарыттан ыла ыллыыр буола үөрэммиттэригэр сөп. Саҥа ырыаны айыы дэммэккэ тупсаран биэрии диэххэ сөп этэ. Былыргыттан баар ырбаахыга саҥа сиэби дуу, тимэҕи дуу тиктэххэ, бу кэтэ сылдьар киһи онтон, туох да буолбат, туга да уларыйбат.
Маннык саҥаны айыылар төһө да элбэхтэрин, күн аайы элбээн иһэллэрин иһин олоххо биллибэт кэриэтэ уларыйыылары киллэрэллэр уонна бу уларыйыылар киһи олоҕор туох да биллэр хамсааһыннары үөскэппэттэр. Бу саҥаны айыылар үчүгэй да, куһаҕан да буоллахтарына, дьоҥҥо дьайыылара кырата бэрт буолан хайалара да аанньа биллибэттэр.
Маннык олус кыра саҥаны айыылары сахалар сөп эбэтэр сыыһа диэн туһалааҕын эбэтэр туһата суоҕун көрөн тус-туспа тылларынан арааран этэллэр. Киһи киһиэхэ сыһыаныгар уларыйыылары киллэрэр саҥаны айыылары үчүгэй эбэтэр куһаҕан диэн араараллар. Бу араарыы эмиэ сыһыан хайдаҕыттан тутулуктанан олус эбэтэр кыра диэн эбиискэ быһаарыылаах буолуохтарын сөп.
Билигин биһиэхэ кыра айыылары билээччилэр, олору оҥорооччулар баһылаан иһэр кэмнэрэ. Былыр-былыргыттан баар ырбаахыга сиэп, бытырыыс эҥин тигэн, саҥа тылы булан эбэтэр ырыаны ыллаан баран туох эрэ улахан суолталаах саҥаны айыыны оҥорбут курдук сананыы элбээтэ. Ол оннугар дьиҥнээх саҥаны айааччылар, үлэһиттэр, уустар, тутааччылар кэнникигэ тэбиллэннэр бааллара-суохтара аанньа биллибэт, бары балыттаран сылдьаллар.
Тыыннаах киһи буолан баран, кыра эмэ сыыһалары-халтылары оҥорорун сахалар бырастыы гыналлар. «Тугу да оҥорбот киһи сыыспат» диэн этии олоххо уларыйыылары киллэрбэт кыра, куһаҕан да быһыылары киһи оҥорор кыахтааҕын быһаарар.
Дьон бары үчүгэйи оҥоро сатыыллар. Киһи оҥорор быһыылара барылара кэриэтэ үчүгэйгэ киирсэллэр. Онтон киһи оҥорбот быһыылара, киһи быһыытын таһынан барар, сиэри кэһэр буоланнар куһаҕан быһыыларга киирсэллэр. Манна саҥаны айыы эмиэ киирэр. Тоҕо диэтэххэ саҥаны айыы диэн киһи билбэт, урут оҥорбот быһыыта буолар, ол иһин саҥаны айыы, айыы диэн ааттанар. Саҥаны айыылар дьон өссө билбэттэриттэн, урут туттубаттарыттан туох содуллаахтара быһаарылла илигиттэн сэрэхтээх, кутталлаах быһыыга киирсэллэр. Саха дьоно саҥаны айыы ити уратытын былыр-былыргыттан билэннэр «Айыы диэмэ», «Айыыны оҥорума» диэн оҕолорун үөрэтэллэр.
Улаатан иһэр уолаттар саҥаны, урут суоҕу айаарылар пугач бэстилиэти туох эрэ туруупканы булан оҥостон, ытыалыы сырыттахтарына онтулара хайа баран буорахха сиэтэллэр. Туох туһа тахсарый бу саҥаны айа сатыыртан? Саҥаны, билбэтин оҥоро, айа сатаабата, айыыны оҥорбото буоллар буорахха сиэтиэ суоҕа этэ диир сахалар үөрэхтэрэ. Эбэтэр улаатан, үөрэтэн, киһи буолууну баһылаан баран бөҕө-таҕа туруупканы булунан оҥостуннаҕына ордук буолуо этэ.
Перестройка уларытыыларын кэнниттэн оҕону үөрэтии сыыһа хайысханан, сымыйа "айыы үөрэҕин" этиитинэн барыыта айыы буол, айыыны элбэхтик оҥор диэн үөрэтии эдэрдэр элбэх куһаҕан быһыылары оҥороллорун үөскэттэ.
Кыра саҥаны айыылары; үчүгэйи да, куһаҕаны да дьон бары оҥорор кыахтаахтар. «Сыыһаны оҥорбот киһи суох», «Үлэлээбэт киһи сыыспат», «Киһи диэн, киһи буоллаҕа» диэн этиилэр киһи хаһан баҕарар киһи быһыытын аһара барбат, сиэри кэспэт сыыһалары-халтылары оҥорор кыахтааҕын быһаараллар. Айыы-сиэр диэн холбуу этии айыы сиэри кэспэт, сиэр иһинэн буоллаҕына туһата улаатарын биллэрэр.
Кыра айыылар диэн дьон олоҕор ханнык да биллэр уларыйыыны киллэрбэт, кыра, быстах быһыылар буолаллар уонна маннык айыылары, бары кэриэтэ олохторун устата аҕыйахтык да буоллар, үчүгэйдэрин үөрэ-көтө, онтон куһаҕаннарын кистии-саба оҥоро сылдьаллар.
2. Улахан айыы киһи олоҕор биллэр уонна түргэнник тиийэр уларыйыылары киллэрэр. Сахалар маннык айыылары; үчүгэй буоллаҕына үтүө, үрүҥ айыылар, онтон куһаҕан буоллаҕына ыар, хара айыылар диэн арааран ааттыыллар. Улахан айыылар ордук кутталлаахтар, сэрэхтээхтэр. Саҥаны айаары, айыыны оҥороору сыыһа туттууттан эбэтэр бу айыыбыт туга эрэ табыллыбатаҕына оҕо, улахан да киһи доруобуйатыгар оҕустаран инбэлиит буолан хааллаҕына олус улахан куһаҕан, хара айыы буолан тахсар.
Бензин, онтон да атын араас күүскэ умайар убаҕастары аан маҥнай уматыы олус сэрэхтээх буолууну ирдиирин бэйэлэрэ уматан, боруобалаан көрбөтөх дьон букатын да билбэттэр. Элбэх оҕолор уоту сатаан умаппаккалар эчэйэллэр, эрэйгэ тэбиллэллэр. Оҕо айыыны оҥороро кутталлааҕын төрөппүттэр билэллэрэ, оҕолорун сэрэтэн үөрэтэллэрэ ордук буолар. (1,67).
Оҕо аан маҥнай оҥорор быһыыта кини өйүгэр-санаатыгар саҥаны айыыта, айыыны оҥоруута буолар. Бу оҥорор быһыытын оҕо үксүгэр хаһан да умнубат гына өйдөөн хаалар. Саҥаны айыы кыратык дьайан, ыарытыннаран үөрэтэрин сахалар кэһэтэн үөрэтии диэн үөрэхтэригэр анаан-минээн туһаналлар. Оҕо тарбаҕын төбөтүн итиигэ хаарыттаран кэһэйдэҕинэ, аны итиини сэрэҕэ суох тыыппакка олус түргэнник үөрэнэрэ кыратык кэһэйэн үөрэнии ордук тиийимтиэтин, туһалааҕын быһаарар.
Оҕо улаатан өйө-санаата эбиллэн, этэ-сиинэ күүһүрэн истэҕинэ оҥорор быһыылара эмиэ онно сөп түбэһиэхтээхтэр. Бу сөп түбэһиннэриини бэйэлэрэ оҕо эрдэхтэринэ маннык быһыыны оҥорон, боруобалаан, билбит-көрбүт дьон, төрөппүттэр, эһэлэр, эбэлэр оҕолоругар, сиэннэригэр көрдөрөн, кэпсээн үөрэтэн биэрэн иһэллэрэ ордук этэ. Оҕо бары оҥорор быһыытын кинилэр, төрөппүттэрин курдук оҥорорго үөрэниитэ киһи буолуу, киһилии быһыыланыы диэн саха киһитэ барыта өйдүүр гына таҥара үөрэҕэр этиллэ сылдьар.
Саҥаны айыыттан элбэх дьон олоҕо хамсаатаҕына олус улахан хара айыы буолар. Холобур, атомнай буомба эстиитэ элбэх киһини биирдэ хаарыйар кыахтаах, доруобуйаларын буортулуон, олохторун огдолутуон сөп.
Кыра уол саҥаны айаары, урут оҥорботоҕун оҥороору чараас мууска киирбитин кэннэ мууһа уйбакка тимирэн хааллаҕына олоҕо төрдүттэн уларыйара олус улахан хара айыы буолар.
Үлэҕэ-хамнаска сылдьан сыыһа-халты туттунуу, массыынанан олус түргэнник айаннааһын сыыһа тутуннахха эмиэ киһи олоҕун тосту уларытыахтарын сөптөөх быһыыга, хара айыыга киирсэллэр. Билигин эдэрдэр массыына абаарыйатыгар түбэһиилэрэ элбээн иһэр.
Саҥаны арыйыы, айыы диэн тугун уонна олоххо ордук кутталлааҕын илиилэринэн тутан-хабан үлэлиир үлэһиттэр билэллэр. Манна биир сыыһа туттуу, холобур, сүгэни сатаан туттубатахха атаҕы охсунуохха сөп, киһи быһыытын аһара барыы киһи олоҕун соҕотохто уларыта тутан кэбиһиэн сөбүн билэн сэрэхтээх буолуу, сатаан туттууга үөрэнии хайаан да наада. Тутуу үлэһитэ саҥа оҥоруллубут лесаҕа, салҕанар сиргэ ыттыбытын кэннэ уйбакка сууллан дэҥнэннэҕинэ ким эппиэттиирий?
Бу боппуруоска таба эппиэт саҥаны арыйыы, айыыны оҥоруу содулун быһаарар кыахтаах. Бу буолбут быһыыга саҥа лесаны, саҥаны айыыны оҥорбут киһи буруйдаах буолара чахчы.
Үлэһиттэр, оҥорон-тутан таһаарааччылар саҥаны айыы, биллибэти оҥоруу олус кутталлааҕын, сэрэхтээҕин, ону тэҥэ эрэйдээҕин билэллэр. Саҥаны айыы араастарын; үчүгэйин уонна куһаҕанын арааран билэн таба туһанарга үөрэнии киһи буолуу үөрэҕин биир тутаах көрдөбүлэ буолар.
Олус улахан саҥаны айыылартан дьон бары куттаналлар, сэрэнэллэр. Үчүгэйгэ, туһалаахха эрэ анаммыт курдук атомнай электростанцияны оҥоруу син-биир атомнай буомбаны оҥоруу курдук кутталлааҕын Чернобыль быһылаана уонна сир хамсааһыныттан Фукусима-1 станция саахалланыыта толору дакаастаатылар. Ханнык баҕарар саҥаны айыы кутталлаах, куһаҕана кэлин арыллан тахсыан сөбүттэн эрдэттэн сэрэннэххэ, харыстаннахха табылларын таҥарабыт үөрэҕэ куруук санатар.
Өй-санаа маннык уларыйыыларын саха дьоно былыр-былыргыттан билэннэр, үөрэтэннэр олохторугар туһаналларыттан олус уһун үйэлэннилэр, бу билиҥҥи кэмҥэ диэри сайдан кэллилэр.
«Туох барыта икки өрүттээҕин» билэн олоххо таба туһаныы ирдэнэр. Соҕотох айыы диэн тылбытын уларыппакка, саҥа эбии "аньыы" диэн тылы туһана сатаабакка бэйэтинэн илдьэ сылдьарбыт, өйбүтүн-санаабытын буккуйбаппыт, уларыппаппыт туһалаах буолуо, омукпут үйэтэ уһууругар, атын омукка уларыйбатыгар тириэрдиэ этэ.
Киһи аан маҥнай саҥаны, билбэтин оҥоруута өйүгэр-санаатыгар хаһан да умнуллубат дириҥ өйдөбүлү хаалларар. Аан маҥнай эр киһини билбит дьахтар бу саҥаны айыытын өйдөбүлүн хаһан да умнубат. Эдэр киһи уорууга аан маҥнай кыттыһарыгар, ыксаабыт санаатыгар хаста да барытын быраҕан баран куотан хаалаары гыммытын эмиэ өйдүү сылдьар. Улахан саҥаны айыы киһи мэйиитин нейроннарыгар саҥа холбоһуктары үөскэтэр, ол иһин киһиэхэ олус күүскэ өйдөнөн хаалар уратылаах уонна хаһан да умнуллубат.
Киһи кыаҕа кыратыттан улахан, олоҕу уларытар саҥаны айыылартан эрдэттэн сэрэнэн, сэрэхтээх буолан эрэ көмүскэнэр кыахтаах. Бары үлэһиттэр «Үлэҕэ сэрэхтээх буолуу» үөрэҕин хайаан да барыахтаахтар. Онтон оҕо ситэ билэ-көрө, үчүгэйи уонна куһаҕаны билэн араара илигинэ сыыһа-халты туттарыттан харыстаан «Айыы диэмэ», «Айыыны оҥорума» диэн үөрэҕи билэрэ хайаан да наадатын төрөппүттэр сахалыы таҥара үөрэҕин итэҕэйдэхтэринэ, оҕолорун харыстыыр санаалара күүһүрдэҕинэ, билэн туһаныахтара этэ.
Киһи билбэтин, оҥорботун оҥоруу, ол аата саҥаны айыы киһиттэн олус улахан сэрэхтээх буолууну, элбэҕи билиини, уопуту, үчүгэйи уонна куһаҕаны араарыыны эрэйэр ураты быһыы буолар. (2,11).
Туһаныллыбыт литература
1. “Чолбон” сурунаал. 12 / 2007.
2. Каженкин И.И. “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума”. – Дьокуускай: Компания “Дани АлмаС”, 2012. – 152 с.