Айыы аймахтара

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Айыы аймахтара диэн этии сиргэ олорор тыыннаах киһи уонна өлбүт, айыы буолбут дьон өйдөрө-санаалара уратыларын, тус-туспаларын биллэрэр.

Сахалар былыргы кэпсээннэригэр уонна олоҥхолоругар айыы аймахтарынан ааттаналлар.

Аймах диэн тылы сахалыы кылгас тылдьыкка: «Биллэр биир төрүттээх дьон, оннук дьон уруулуу сыһыаннара»,- диэн быһаараллар. Айыы аймахтарабыт диэн этинии сахалар былыргы, өлбүт төрүттэрин үөрэхтэрин, үлэлэрин-хамнастарын, дьон-норуот туһугар тугу оҥорбуттарын умнубаттарын, кинилэр дьыалаларын салҕааччылар буолалларын билинэллэрин илэ бааччы биллэрэр.

Саха дьоно бэйэлэрэ айыы буолбатахтарын билинэллэр. Бэйэлэрин айыы аймахтарынан ааттаналлар. Былыргы төрүттэрэ, сорохтор эһэлэрэ, эбэлэрэ эбэтэр төрөппүттэрэ өлөн өйдөрө-санаалара Үрүҥ айыы буолан Үөһээ дойдуга сылдьаллар, онтон тыыннаахтар былыргы төрүттэрин, төрөппүттэрин үөрэхтэрин, өйдөрүн-санааларын салҕаан илдьэн иһэллэрин билинэллэр.

Айыы хаан аймахтара, айыы аймахтара диэн этиниилэр саха дьонугар элбэхтик иһиллэллэр. Бу этиниилэр саха дьоно өбүгэлэрин саҥаны арыйар, тупсарар, сайыннарар дьыалаларын салҕааччылар буолалларын биллэрэр. Саха дьоно айыы аймахтара диэн ааттаныылара аан маҥнай тимири уһаарыыны уонна уһаныыны баһылааннар элбэх саҥаны арыйыылары, айыыны оҥорбуттарыттан төрүөттээх. Бу саҥаны арыйыылар дьон олохторугар улахан хамсааһыннары таһаарбыттарын, тимир сэрии сэбин туһанан хууннар Аан дойдуну барытын кэриэтэ сэриилээбиттэрин остуоруйа чахчылара бигэргэтэллэр.

Айыы аймахтара диэн ааттаныы киһи бэйэтэ айыы буолбатаҕын бигэргэтэр. Хайа баҕарар киһи ханнык эрэ аймаҕа, төрөппүтэ, эһэтэ, эбэтэ өлөннөр өйдөрө-санаалара айыы буолан Үөһээ дойдуга сылдьалларын биллэрэр. Киһи бэйэтэ хаһан эрэ өллөҕүнэ эмиэ айыы буолуохтааҕын бигэргэтэр. Киһи хаһан даҕаны өлөрүттэн кыайан куоппат. Хаһан эрэ син-биир өйө-санаата айыы буолара хаһан да хаалбат. Өллөхпүтүнэ бары айыы буолабыт. Айыы аймаҕабын диэн этинии олохтон тутулуктаах.

Тыыннаах, бэйэтэ Орто дойдуга олорор киһини «айыы буол» диэн этии олус улахан сыыһа. «Өйүҥ көтөн Үөһээ дойдуга таҕыстын, бэйэҥ өл» диэн алҕаабыкка тэҥнэһэр олус куһаҕан быһыы буолар. Саха тыла олус былыргы тутулуктарын сүтэрбэккэ эрэ сылдьар соҕотох тыл буолар. Саха тылын уларыта сатаабакка бэйэтинэн туттар ордук буолар.

Төрөппүт өйө-санаата, кута өлбүтүн да кэннэ оҕолорун көрө-истэ, харыстыы сылдьарын кут-сүр уонна түүл үөрэхтэрэ дакаастыыллар. Төрөппүт түүлгэ көстөр көрүҥэ ханнык быһыы-майгы оҕотун иннигэр кэтэһэрин биллэрэр. Күүстээх куттаах-сүрдээх аймах киһи кута үрүҥ айыы буолан бары аймахтарын көрө-истэ сылдьарын сахалар эмиэ билэллэр.

Айыылар Үөһээ дойдуга олороллор. Үөһээ дойду диэн өлбүт дьон өйдөрө-санаалара мунньустар дойдулара. Былыр үйэтинээҕитэ өлөн да хаалбыт дьону киһи түүлүгэр хаһан баҕарар, өссө тупсаран эттэххэ, халлаан уларыйаары гыннар эрэ көрөр. Өлбүт дьон куттара, ол аата айыылар Үөһээ дойдуга сылдьалларын сахалар былыр-былыргыттан билэллэр.

Орто дойдуга киһи, дьоннор олороллор, онтон айыылар олох туспа Үөһээ дойдуга сылдьаллар. Тыыннаах киһи айыы буолара ол иһин хайдах да табыллыбат. Киһи өллөҕүнэ өйө-санаата Үөһээ дойдуга көттөҕүнэ туспа баран бэйэтэ айыы буолар. Бу айыы буолбут өй-санаа, куттар Орто дойду дьонун өйдөрүгэр-санааларыгар түүллэригэр киирэн араас көрүҥнээхтик дьайыахтарын сөп.

Сахалар бэйэлэрин айыы аймахтарынан ааҕыналлар. Бары олоҥхолоругар, былыргы кэпсээннэригэр үөһээ айыылартан төрүттээхтэрин, тутулуктаахтарын куруук ахталлар. Сахалар айыылар аймахтара буолалларынан олус киэн тутталлар. Саха дьоно өлбүт дьоннорун кэриэстэрин, баҕа санааларын толороллорунан киэн тутталлар, кинилэри ытыктыылларын биллэрэллэр, үөрэхтэрин, үгэстэрин, тылларын салҕаан илдьэ иһэллэр.

Былыргы кэпсээннэргэ айыылар Орто дойду дьонугар өй-санаа уган көмөлөспүттэрин туһунан элбэхтик ахтыллар. Биллэр көмөнү ылбыт дьон бары түүллэригэр Аан дойду иччитин кырдьаҕас эмээхсини эбэтэр оҕонньору, Байанайы көрсөн сүбэ-ама ылбыттарын уонна ол сүбэлэрэ көмөлөспүттэрин, олохторугар туһалаабыттарын кэпсииллэр. Киһи түүлүгэр төрөппүтүн көрдөҕүнэ, кини көстөр көрүҥүттэн ханнык быһыылар буолаары туралларын эндэппэккэ эрэ билэр.

Киһи өйө-санаата Үөһээ дойду өйүн-санаатын кытта куруук сибээстэһэ, тутулла сылдьар. Саха дьоно ити тутулугу былыргыттан билэннэр айыылартан тутулуктаахпыт дииллэр. Өлбүт аҕаҥ түүлгэр киирэн кыыһырар, сөбүлээбэт буоллаҕына ханнык эрэ санааҕын уурбут дьыалаҥ табыллыа суоҕа, доруобуйаҕын көрүнэ сылдьыаххын наада диэн түүл үөрэҕэ этэр. Айыылары кытта сибээс диэн түүлүнэн сибээстэһиини этиллэр.

Кэлин кэмҥэ Россия дьонун өйдөрө-санаалара мөлтөөһүнэ оҕо кыра эрдэҕинэ, бэйэтэ өйдөөбөт кэмигэр ийэ кутун өйүн-санаатын ииппэт, үөрэппэт буолуу түмүгэ. Былыргылар этэллэринэн омук эстээри гыннаҕына, мөлтөөтөҕүнэ эбэтэр уларыйан саҥалыы үөскүүр кэмэ кэллэҕинэ оҕолорун атаахтык иитэн итинник ыарахан балаһыанньаҕа киирэр.

Саха ойууннара киһи түһээн инникини өтө көрөн билэрин былыргыттан билэллэрэ уонна олору таба тойонноон сөптөөхтүк туһаналлара. Ойуунтан ханнык баҕарар киһи кэлэн: «Миэхэ инникибин төлкөлөөн кулу»,- диэн көрдөстөҕүнэ утуйан туран баран тугу түһээбитин тойонноон киниэхэ бэйэтигэр кэпсээн биэрэр эбит. Маннык түһээн билбитин ойуун түстэтэр киһиэхэ кэпсээтэҕинэ атын дьоннорго биллэримээр диэн сэрэтэрэ үһү.

Үөһээттэн, айыылартан көмөнү ылыыга сурукка киирбит, ол аата чуолкай буолбут быһыылары холобур быһыытынан аҕалыахпыт.

Өй үлэтинэн үлэлии сылдьар дьон кыайан арыйбакка өр муҥнана сылдьар үлэлэригэр түһээн бэлэм эппиэти ылбыттара биллэр. Маннык бэлэм эппиэти ылан Археолог Генрих Шлиман улахан арыйыыны оҥоруон иннинэ хас да төгүллээн хатыланар түүллэри көрбүт уонна ити түүллэрин көстүүлэрин саҥаны арыйыытыгар туһаммыт. Эмиэ итинник арыйыыны Г.Гилпрехт түһээн көрөн оҥорбута чуолкайдык суруллубут. Кини түһээн көрөн былыргы суруктаах туой таблица сороҕун булбут уонна өссө түүлүгэр көстүбүт жрец киһи киниэхэ бу таблица суругун ааҕан биэрбит.

Түүлгэ сүдү көрүҥнээх маҕан баттахтаах оҕонньор саҥа атаҕар турбут оҕону саҥарарга үөрэтэр. Оҕото уоһун төгүрүччү тута-тута: «Үү»,- диэн саҥара сатыыр. Оҕонньор: «Оҕону саҥа саҥаран эрдэҕинэ сахалыы үөрэтиллэр»,- диэн этэр.

Өйүн-санаатын барытын түмэн дьоннорго туһалаах үлэни оҥорор киһиэхэ түүл илэ аҕалан көрдөрөн көмөлөспүт уонна сорох алдьархайга түбэһээри гыммыт киһини сэрэппит түбэлтэлэрэ элбэхтэр.

Олус былыргы кэмнэргэ өлбүт үөрэхтээх дьон өйдөрө-санаалара, салгын куттара Үөһээ дойдуга эрэ ордон хаалан уһуннук сылдьыахтарын сөп. Үөһээ дойду өйө-санаата ордубут дьоннор өйдөрүгэр түүл буолан киирэн, кинилэри сайдыы, үөрэҕи-билиини баһылааһын диэки сирдиэҕин, олохторун оҥостоллоругар, саҥаны арыйалларыгар өй уган биэрэн көмөлөһүөҕүн сөп.

Билигин түүлү үөрэтээччилэр билинэллэринэн элбэх саҥаны арыйыыларга түүллэр көрдөрөн биэрэн туһалаабыттар. Түүллэригэр көрөн баран саҥаны арыйыыларыгар туһаммыт дьон сурукка киллэрэннэр ити көстүүлэр дьиҥнээхтик дакаастаммыттарынан ааҕыллыахтарын сөп. Ити барыта түүл илэ көрдөрөн биэриитэ диэн ааттанар уонна сахалыы Үөһээ дойду өйө-санаата киириитэ диэн ааттанар.

Тыыннаах киһи айыы буолбат, киһини айыы буол диэмиэххэ, өллөҕүнэ өйө-санаата Үөһээ дойдуга көттөҕүнэ биирдэ айыы буолар. Тыыннаах киһини айыы буолууга ыҥырбат ордук. Аны кырдьык өлөн хаалыа. (1,68).

Туһаныллыбыт литература

1. Каженкин И.И. Үрүҥ айыы буолуу. - Дьокуускай: ГУ РИМЦ, 2006. - 88 с.