Айылҕа уларыйан иһэр

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Айылҕа уларыйан иһэр диэн этиини хас киһи барыта итэҕэйэр буолла.

Дьон-аймах таһаарыылаах үлэлэрин-хамнастарын түмүгүнэн айылҕа кэлин кэмҥэ уларыйан иһэрэ дьоҥҥо эмиэ билиннэ. Бу уларыйыыны аныгы сайдыбыт устар уонна көрдөрөр тиэхиникэ көмөтүнэн дьон бары билэллэр. Үгүс дьон олоҕор хамсааһыннары киллэрэр уларыйыылары дьон кэтээн көрөллөрө элбээтэ. 2011 сыллаахха Японияҕа уонна Турцияҕа буолбут улахан алдьатыылары оҥорбут сир хамсааһыннара бары дьону барыларын хаарыйаллар, санааҕа түһэрэллэр, эчэйбиттэргэ көмөлөһө сатыыр санааларын улаатыннараллар.

Билигин наука үлэһиттэрэ кэтээн көрүүлэринэн стратосфераҕа озон ахсаана 15-20 бырыһыан аҕыйаабыта бэлиэтэнэр. Хотугу уонна Соҕуруу Полюстар үрдүлэринэн озоновай бүрүөһүҥҥэ дьөлөҕөстөр үөскээһиннэрэ Күн уотун дьайыытын күүһүрдэн, бу полюстарга мунньуллубут элбэх муустар түргэнник ууллалларын үөскэтэн, айылҕаҕа уу элбээн, намыһах сирдэри уу ылыыта, бу кэмҥэ саҕаланан эрэрэ биллэр буолла.

Приморьеҕа амур тиигирин ахсаана 450 эрэ ордон хаалбытын кэнниттэн, дьон бу кыыл чахчы эстэр буолла диэн харыстыыр санаалара син киирдэ. Араас программалары оҥорон боруобалаан көрүүнү саҕалаатылар.

Сорох аҕыйах ахсааннаах көтөрдөр, кыыллар быста эстиилэригэр тиийэн эрэллэр. Хайдах гынан аҕыйах хаалбыт кыталыктары, амурскай тиигирдэри харыстыыр туһунан кэпсэтиилэр барбыттара ыраатта. Үтүө санаа дьоҥҥо киирэн иҥэрэ, соннук толоруллар буолара олус уустугун, уһун кэми ыларын хайа да дойдуга браконьердар, көҥүлэ суох бултааччылар бааллара биллэрэр.

Айылҕаҕа уларыйыылары дьон бэйэлэрэ саҥаны айыыны оҥоро сатыылларыттан киллэрэн иһэллэр. Австралияҕа куруолугу илдьэн ыытыы улахан содуллана сылдьыбыта. Киин улуустарга маттаҕа диэн былыргы кэпсээннэрбитигэр элбэхтик кэпсэнэр кыра кыыл, андаатары Америкаттан аҕалан олохсутуу кэнниттэн быста аҕыйаата.

Үүнээйини элбэҕи үүннэрээри араас удобрениелары харса суох туһаныыттан, ыһыыттан хонуу чыычаахтара быста аҕыйааһыннара тутулуктанара кэлин кэмҥэ билиннэ. Чыычаахтар ахсааннара аҕыйаан кыра үөннэри кыайа-хото сиэн, тэҥнэһиигэ кыайан туппаттара биллэн, мутукчалаах тыалары сиир үөннэр аһара баран элбээтилэр. Кэлин кэмҥэ мутукчалаах тыалары кыра үөннэр сиэһиннэрэ Саха сирин киин улуустарыгар тарҕаммыта ыраатан эрэр.

Халлаан уопсайынан сылыйан эрэриттэн урукку кэмҥэ соҕуруу дойдулаах көтөрдөр кэлэн олохсуйаллара эбиллэн иһэр. Соторутааҕыта көстүбүт чыыбыс диэн көтөр Саха сиригэр дойдулаах курдук буола элбээтэ.

Халлаан үөрэхтээхтэрэ бэлиэтииллэринэн Сир салгынын сылыйыыта ааспыт үйэ 60-с сылларынааҕар 10-ча кыраадыска тиийэ итийдэ. Хотугу сир олохтоохторугар халлаан сылыйыыта олохторугар үчүгэйи аҕаларын таһынан сир аннынааҕы ирбэт тоҥу ириэрэн, улахан таас тутуулар фундаменнарын хамсатар кыахтанара уустуктары үөскэтиэн сөп.

Дьон өйүгэр-санаатыгар иҥэн сылдьар “Атлантида ууга барыыта” сотору кэминэн хатыланыан сөп балаһыанньата сир үрдүгэр үөскээтэ. Айылҕаҕа мунньуллубут муустар ууллууларыттан уу элбээһинэ саҕаланан эрэр. Учуонайдар ааҕан таһаарыыларынан бары сир үрдүгэр баар муустар ууллуулара, уу билиҥҥи таһымын 60-ча миэтэрэ үрдэтиэн, элбэх дьон олохсуйбут хонуу сирдэрэ ууга былдьаныахтарын сөп.

2013 сыллаах күһүн Амур өрүс түһэр ардахтартан халааннаан чугастааҕы хонуу сирдэри барыларын уу ыла сырытта. Тыа сирин үлэһиттэрин, олохтоохторун дьиэлэрэ-уоттара барылара ууга былдьаннылар, ас-үөл саппааһа ууга барда. Бу сэбиэскэй былаас кэмиттэн ыла буолбатах быһыы буолар. Былыргы сахалар бу өрүһү Амыр, Амырыын диэн ааттаабыттара, аатыгар сөп түбэһэрэ билигин кэлэн билиннэ. Бүтүн Россия көмөтүнэн эрэ олохтоохтор саҥалыы оҥостоллоро кыалынна.

Мутукчалаах мастары имири кэрдэн аҕыйатыыттан Сир үрдүгэр уу паарын эргиирэ күүһүрүүтүттэн, олус күүстээх тыаллар, ардахтар уонна хаардар түһүүлэрэ эбилиннэ. Аны күүстээх тыаллар үүнэн турар мастары барыларын охтороллоруттан айылҕаҕа үөскээбит уу эргиирэ өссө улаатан, күүһүрэн иһэр чинчилээх. Айылҕа алдьархайыгар түбэспит дьону тэлэбиисэргэ көрөн, араадьыйаҕа истэн аһынан көмөлөһө сатыыллар.

Сир баайын аһаҕас ньыманан хостооһун айылҕаны алдьатыыта олус киэҥ. Кыһыл көмүһү хостоорулар үрэхтэр кумахтарын тоҕо хаһан сууйан, күөх кырыстарын барытын тиэрэ ууран кумах куйаардарга кубулуталлар. Дьон сайдыыны ситиһэн сиргэ аан маҥнай олохсуйбут, сирин-баайын тоҕо хаһан хостообут дойдулара билигин улахан кумах куйаардарга кубулуйан сыталлар.

Кэлии дьон өйдөрө-санаалара, сир баайын түргэнник хостоон туһаҕа таһаара охсууга дьулуһуулара, былыргы имперскэй, колониальнай, олохтоохтор баҕа санааларын аахсыбат сыһыаннара айылҕаны харыстыырга көмөлөспөт, сөп түбэспэт. Сэбиэскэй былаас кэмигэр кыһыл көмүһү кыайа-хото хостоору үрэхтэр кырыстарын тоҕо хаһаннар хара буорун, кумаҕын таһааран кэбиспиттэрэ билигин да оннук чохчолонон сыталлар. ВСТО трубатын тардыы үлэлэрэ айылҕаны харыстаабаты кэрэһилээн көрдөрөллөр. Труба тэстибитигэр нефть тохтубут сиригэр олохтоох дьону киллэрбэттэр, билиһиннэрбэттэр, көрдөрбөттөр, кистии сатыыллар.

Сахалар үөрэхтэринэн киһи айылҕаҕа киллэрэр уларытыылара утары хайысхалаах хамсааһыны, сэти үөскэтэллэр. Бу быһаарыы айылҕа, Сир уонна Күн тутулуктара олус күүстээх тэҥнэһии балаһыанньатыгар тутуллан туралларыттан тутулуктаах. Хайа да өттүгэр хамсааһын утары хайысхалаах хамсааһыны, сэти хайаан да үөскэтэр. Билигин дьон уһун үйэлээх үлэлэрин түмүгүнэн айылҕаҕа үөскээбит уларыйыылар утары өттүттэн хамсааһыны, сэти үөскэппиттэрин уларытар кыах дьоҥҥо суох, кэтээн көрөллөрүгэр уонна харыстана, куота сатыылларыгар эрэ тиийэллэр.

Айылҕаҕа үөскүүр уларыйыылар элбэх дьону хаарыйалларыттан кэтээн көрөөччүлэр эмиэ элбээтилэр. Билигин дьон айылҕаны кытта сыһыаннарыгар чахчы кыаттарыахтарын сөбүн, бэйэлэрэ “Айылҕа оҕолоро буолалларын” билинэн эрэллэр. Кинилэр айылҕа ити уларыйыыларын хайдах гынан кыччатар, аҕыйатар туһугар өйдөрүн-санааларын түмэ, ханнык эрэ тупсарыылары киллэрэ сатыыллар, айылҕаны харыстааһын, чөлүгэр түһэрии эрэ быыһыыр кыахтааҕын билинэн, харыстыыр, урукку туругуттан аны уларыппат санаалара күүһүрэн иһэр.

Атомнай эньиэргийэни киэҥник тарҕатыы сир үрдүн радиациянан сутуйууга тириэрдэр кыаҕа улахан. Дьон баҕарбатахтарын да үрдүнэн радиация тарҕанан иһэр. Маны Чернобыль уонна Фукусима-1 атомнай уоту биэрэр станциялар, биирдэрэ, дьон сыыһа туттууларыттан, иккиһэ сир хамсааһыныттан саахалланыыларын уонна киэҥ сирдэри радиациянан сутуйбуттарын аан дойду дьоно бары билэллэр. Радиациялаах эттиктэр тобохторун туспа сирдэргэ харайыы, ураннаах рудалары хостооһун хаһан баҕарар уустуктардаахтар уонна радиация салгыы тарҕанан иһэрин биллэрэллэр. Айылҕа радиациянан сутуллуута улахан кыыллар, динозаврдар үөскүүр үйэлэрэ тиийэн кэлиитигэр тириэрдэр кыахтааҕыттан өйдөөх-санаалаах дьон билиҥҥиттэн сэрэниэ этилэр.

Сайдыыны ситиһии сабыдыалыттан дьон өйө-санаата туруга суоҕа улаатыыта, наркотиктары туһаныы тарҕаныыта, атомнай сэрии сэптэрэ мунньуллуулара өй-санаа туруктаах буолуутун ситиһии ньымата уларыйарын, тупсарын, сахалыы кут-сүр үөрэҕин тутуһан сайдарын эрэйэр.

Былыр-былыргыттан киһи айылҕаны кытта сыһыанын дириҥник билэр, бэйэлэрин “Айылҕа оҕотунан” ааттанар сахалар айылҕаны харыстыырга аналлаах “Харыстас” таҥара үөрэҕин сайыннарар кэмнэрэ кэллэ. “Харыстас” таҥара үөрэҕэ сахалыы кут-сүр үөрэҕин тутуһан үөскээһинэ уонна сайдыыта, тарҕаныыта аныгы олох тутаах көрдөбүлэ буолар. (1,5).

Туһаныллыбыт литература.

1. Каженкин И.И. "Харыстас" таҥара үөрэҕэ. - Дьокуускай: ГБУ РС(Я) "Бизнес-инкубатор", 2015. - 128 с.