Айылҕаны харыстааһын

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Айылҕаны харыстааһын диэн сахалар олохторун тутаах сыала.

Үөрэх-билии тарҕанан, дьон өйө-санаата сайдан, тупсан, олоххо оҥорбут сыыһаларын, сыыһа туттууларын таба сыаналаан, көннөрөн истэхтэринэ сир үрдүгэр демократия үөрэҕэ тарҕанан, кэҥээн олоххо киирэрэ элбээн иһэр.

Дьон олохторугар биллэр уларыйыылар, сайдыы, тупсуу диэки хамсааһыннар киирэн иһэллэрин тэҥэ, айылҕаҕа уларыйыылар киирэн иһэллэр.

Аныгы, сайдан иһэр үйэҕэ айылҕаны харыстааһын эрэ быыһыыр кыахтааҕын өйдөрө-санаалара сайдыбыт, үөрэхтэммит дьон кэлин кэмҥэ өйдөөн, араас үлэлэри ыытан эрэллэр. Манна ордук аҕыйах ахсааннаах ордон хаалбыт кыыллары, көтөрдөрү харыстааһын, көмүскээһин күүһүрүүтүн киллэриэххэ сөп.

Айылҕа кыылларын, көтөрдөрүн харыстааһыны биһиги эмиэ оҥоробут эрээри, ол кыра, айылҕа уларыйыытыгар кыайан сөп түбэспэт буолан иһэр. Бултааһын кэмин хааччахтааһын аһара элбэҕи бултаан кэбиһиини аҕыйатарын таһынан төрүүр, үөскүүр кэмнэригэр харыстааһыны, көмүскэли оҥорор. Биһиги дойдубутугар айылҕа кыылларын, көтөрдөрүн маннык харыстааһын ситиһиилээхтик ыытыллар.

Дьон төһө да үөрэҕи-билиини баһылаабыттарын иһин бэйэлэрэ өйдөрүнэн-санааларынан салаллан бултааһын кэмин чуолкайдык тутуһаллара өссө да ыраах. Биирдиилээн дьон булду харыстааһын быраабылаларын тутуспаттара син-биир биллэн тахсан хомолтону үөскэтэр.

Аан дойду дьоно айылҕаны харыстыырга кыһаналлара сыыйа-баайа улаатан, кэҥээн иһэрин араас хамсааһыннары кыттыһан оҥороллоро биллэрэр. 2011 сыллаахха кулун тутар 26 күнүгэр ыытыллыбыт «Час земли» диэн электрическэй уоту харыстааһын акциятыгар элбэх дойдулар кыттыстылар, биир чаас устата туһата аҕыйах электрическэй уоттары умуруоран эньиэргийэни экономиялааһыны үөскэттилэр. Арай бу харыстааһыммыт хас күн аайы буолбакка, биирдэ эмэтэ “шоу” курдук ыытыллара туһатын аҕыйатар, дьон харыстааһыҥҥа кыттыһыылара уустугун биллэрэр.

Айылҕаны харыстааһын биир тутаах көрүҥүнэн күөх тыаны, хонууну өрт уотугар сиэппэт туһугар кыһаныы буолар. Сайын уһун кураан турдаҕына ойуурга баһаардар бараллара билигин да элбиир. Күн буруо быыһынан нэһиилэ көстөр кэмэ тиийэн кэлэрэ, уот аһара бардаҕына айылҕаҕа оҥорор хоромньута лаппа улаатарын биллэрэр.

Тыһыынчанан киһиттэн биир сэрэҕэ суох киһи баһаары, өрт уотун ыытан кэбиһэрэ уоту уматар тэриллэр сайдыыларыттан, тупсууларыттан улаатан, элбээн биэрэр кыахтанара, экономика сайдыыта дьоҥҥо, айылҕаҕа оҥорор куһаҕана улаатарын биллэрэр. Уоту уматар тэрил хататтаах чокууртан уонна кыаттан сайдан испиискэҕэ уонна тарбаххынан баттаатаргын эрэ күлүм гына умайан кэлэр, гааһынан үлэлиир зажигалкаҕа диэри сайдыыта, аныгы умуллубат сигареталар элбээһиннэрэ, туруга суох өйдөөх-санаалаах, ыксаллаах, тиэтэллээх, сыыһа-халты туттунар кыахтаах дьон уоту ыыталларын элбэтэр.

Уоту уматар тэриллэр сайдыылара, тупсуулара олору туһанар дьон өйдөрө-санаалара ордук күүһүрэн, тупсан, тулуурдара элбээн биэрэрин эрэйэрин аныгы үйэҕэ хаалларан, умнан сылдьабыт. Улуу Тойон таҥара тулуурдаах буолууга үөрэҕэ кытаатан, оҕо кыра, зажигалканы сатаан туһанар буолуоҕуттан ыла үөрэтэн, сэрэхтээх буолуута улаатан биэрэрин ситиһии эрэ дьону сыыһа-халты туттунуулартан быыһыыр кыахтаах.

Айылҕаны өрт уота сиириттэн харыстааһын биир тутаах көрүҥүнэн дьон өйүн-санаатын туруктаах, сэрэхтээх, тулуурдаах, көрсүө, сэмэй буолууга кыра эрдэхтэриттэн иитии, үөрэтии буолар. Аныгы технологияны туһанан биир мүнүүтэ тардыбатахха бэйэтэ умуллан хаалар сигаретаны дьон бары тардар буолуулара уоту ыыталларын аҕыйатар.

Ханнык баҕарар саҥаны арыйыы, айыыны оҥоруу айылҕаҕа уларыйыыны, хайа эрэ; үчүгэй дуу эбэтэр куһаҕан дуу өттүгэр хамсааһыны киллэрэр. Саҥа айыллыбыт араас элбэх туох содуллаахтара биллибэт удобрениелары хонууга ыһаннар, хонуу чыычаахтарын быста аҕыйаппыттара билигин билиннэ. Чыычаахтар аҕыйаабыттара араас маһы, мутукчаны сиир үөннэр аһара элбээһиннэригэр тириэрдибититтэн хаарыан хампа күөх тыаларбыт билигин хам хатан харааран, соҥуоран тураллар.

Сайдыыны ситиһиибит биир туһалаах өрүтүнэн, бу кэмҥэ киһи барыта Аан дойду үрдүгэр туох буола турарын кэтээн көрө сылдьар кыаҕырбыта буолар. Айылҕаҕа ханна эмэ, ханнык эрэ хамсааһын буолбутун, туох уларыйбытын аныгы көрдөрөр, иһитиннэрэр тиэхиникэ көмөтүнэн бары билэ сылдьаллар. Айылҕаҕа тахсар уларыйыылар, соһуччу хамсааһыннар дьону барыларын таарыйар кыахтаммыттара харыстыыр санааларын улаатыннарда.

Дьон бары олохторун сыалынан Айылҕаны харыстааһын буолар кэмэ тиийэн кэллэ. Науканы сайыннаран улахан, кыахтаах тиэхиникэлэри оҥостор буолуу айылҕаны алдьатыыны күүһүрдэр, киэҥ сирдэргэ тарҕатар. Бары олус туһалаах диэн ааттыыр ракеталарбыт тобохторо киэҥ сирдэргэ таммалыыллар. Бу тобохтор айылҕаҕа оҥорор хара дьайыыларыттан дойдубутун көмүскүү сатыырга тиийдибит. Кыахпыт кыратыттан “үктээтэххэ оннооҕор кутуйах “чыып” диир” диэн этиигэ сөп түбэһэр балаһыанньалаахпыт.

Сир баайын тоҕо хаһан аһаҕас ньыманан хостооһун радиацияны тарҕатар. Олус былыргы динозаврдар баар кэмнэригэр сир үрдэ радиациянан сутуллубут эбитин наука дакаастаабытыттан өй ылынан радиацияны тарҕатыыга дьон олус улахан сэрэхтээх буолуулара улаатта.

Киһи айылҕаҕа сыһыана харыстааһын өттүгэр уларыйдаҕына эрэ, Сиргэ дьон олоҕо кыаллар кэмнэрэ кэлэн эрэллэр. Кыыллар, көтөрдөр аҕыйааһыннара күөх үүнээйилэр аҕыйааһыннарын кытта быһаччы тутулуктаах. Айылҕаҕа үүнэр олус туһалаах тутуу матырыйаала буолар мутукчалаах мастары, билигин дьон кэрдэн лаппа аҕыйаппыттарын кэннэ, аны үөннэр сииллэр. Ол курдук күөх үүнээйилэр суох буолуулара айылҕа кыыллара, көтөрдөрө эмиэ суох буолууларыгар тириэрдэр.

Сири, күөх үүнээйилэри биһиги сахалар харыстыыр санаабыт күүстээх, былыр-былыргыттан олохпут айылҕаттан тутулуга улаханыттан харыстыыр санааны иҥэринэн сылдьабыт. Бу харыстыыр баҕа санаабытын туһанан алдьаммыт, кээһэммит күөх хонууларбытын, тыабытын оннугар түһэрэр үлэлэри кыайа-хото ыытар, атыттары харыстыырга ыҥырабыт.

Олох сайдан, тупсан иһиитэ уруккуттан олохсуйбут өй-санаа, үгэстэр эмиэ уларыйалларыгар тириэрдэр. Олус былыргы кэмнэргэ үөскээбит таҥаралар аныгы дьон өйдөрүгэр-санааларыгар, ситиһэ сатыыр баҕа санааларыгар сөп түбэспэттэр, хаалан хаалбыттар. Бу эргэрбит, туһаларыттан тахсыбыт таҥаралары хаалларыы, умнуу, уларытыы, сайдыыны ситиһэн иһэр дьонтон хайаан да ирдэнэр көрдөбүл буолар. Сайдыыны ситиһии биир кэрдиис кэмигэр туттулла, туһалааҕынан ааҕылла сылдьыбыт баҕа санаа, таҥара уларыйар, атынынан солбуллар кэмэ тиийэн кэлэн иһэр.

Сайдыылаах, үөрэхтээх киһини “суор курдук буол”, “собулҕаны тоҥсуй” диэтэххэ чахчы өһүргэнэр, хомойор. Олус былыргы таҥара туттуллар кэмэ аастаҕына хаалан хаалар, умнуллар дьылҕаланар.

Аныгы, сайдыылаах кэмҥэ биһиги сахалар былыргы итэҕэлбитин эмиэ уларыттахпытына эрэ айылҕаны толору харыстыыр кыахтанабыт. Айылҕаҕа аҥардастыы күөх хонуу, тыа эрэ киирбэтинэн, онно араас кыыллар, көтөрдөр, уулар, балыктар, араас үөннэр бары холбуу киирсэллэриттэн харыстааһын барыларын холбуу хабан ылара туһатын улаатыннарар.

Биһиги былыргы Байанай таҥарабыт тыа кыылларын, көтөрдөрүн харыстыырга анала суох. Байанай таҥара, былыргы булчуттар таҥаралара, дьон бултаан айахтарын ииттэр, таҥас оҥостон таҥнар эрдэхтэринэ үөскээн сайдыбытыттан айылҕаны харыстыырга ыҥырбат. Оччолорго булт элбэх, онтон дьон аҕыйах эрдэхтэринэ элбэхтик бултуу, онтон туһана, аһылык, таҥас оҥосто сатыыллара, Байанай таҥара көмөтүгэр олуһун наадыйаллара. Билигин кэлэн ол уларыйан, төттөрү эргийэн булт букатын аҕыйаата, дьон ахсааннара аһара элбээтэ, аҥардастыы булдунан иитиллээччилэр бэйэлэрэ эмиэ лаппа аҕыйаатылар. Былыргы Байанай таҥара биирдэ эмэ айылҕаҕа тахсан сынньанааччылар эрэ туһаналларыгар туттулларга тиийбитин таба өйдөөн, сыыйа хаалларыа этибит уонна саҥа, айылҕаны, кыыллары, көтөрдөрү харыстыырга аналлаах “Харыстас” таҥараны сайыннарабыт. Таҥара диэн дьон үтүөҕэ баҕарар баҕа санаалара маннык уларыйыыта өй-санаа сайдан, уларыйан, тупсан иһиитинэн быһаарыллар.

Билигин аныгы, үөрэхтээх сахалар өйгө-санааҕа ити уларыйыы үөскээбитин таба өйдөөн өйдөрүн-санааларын уларытан, сайдыы, тупсуу диэки хайысхалаан, ол аата харыстааһын өттүгэр эргийэн биэрэллэрэ олох көрдөбүлэ, ирдэбилэ буолар. Былыргы кэмнээҕи, сайдыылаах олохтон хаалан хаалбыт өйү-санааны тутуһуу аныгы үөрэхтээх, билиилээх, сайдыылаах киһиэхэ сөп түбэспэт майгы буолар.

Оҕолорбутун, кэлэр көлүөнэлэрбитин иитии, үөрэтии билигин сыыһа, хаалбыт хайысханан баран иһэрин тохтотуу, көннөрөн биэрии хайаан да эрэйиллэр. Ол курдук саҥаттан саҥаны арыйа сатыыр, “айыы үчүгэй” диир, айыыны элбэхтик оҥорор дьон бииртэн бииргэ, саҥаттан саҥаҕа көтүөккэлииллэрэ, солумсаҕыраллара элбэҕиттэн Айылҕаны харыстаабаттар, алдьаталлара элбээн хаалар.

Олох сайдан истэҕинэ олус былыргы хаалбыт өйү-санааны тутуһуу олох хаамыытыттан хаалан хаалыыга тириэрдэр. Сайдыылаах дьон бары айылҕа кыыллара, көтөрдөрө аҕыйаабыттарын билинэн харыстыыр, көмүскүүр санаалара күүһүрэн истэҕинэ биһиги, сахалар былыргы Байанай таҥарабытын өрө тута сылдьарбыт, оҕолору үөрэтиигэ туһанарбыт өйбүт-санаабыт хаалан иһэрин биллэрэр.

Аан дойду дьоно бары түмсэн биир баҕа санааланыылара саҥа, айылҕаны харыстыыр таҥара үөскээһинигэр тириэрдэр. Бу саҥа таҥара сахалар айылҕаны харыстыыр үөрэхтэриттэн, үчүгэйгэ ыҥырар алгыстарыттан үөскээн таҕыстаҕына сахалыы «Харыстас» диэн ааттанара ордук табыллар. Бу үтүө баҕа санаа дьоҥҥо үөскээн сайыннаҕына сахалар туруоруммут сыалларын ситиһэ сатыылларыгар кыахтара улаатыа, күүһүрүө, кыаҕырыа этилэр.

Айылҕаны харыстааһыҥҥа, сиргэ туруктаах олоҕу ситиһиигэ дьон тулуурдара, дьулуурдара эбилиннэҕинэ, бэйэлэрин ону-маны, буолар-буолбаты, саҥаны айыыны оҥоро сатыыр быстах баҕа санааларын өрө туппатахтарына, хааччахтаатахтарына, ситиһиилэри оҥорор кыахтаналлар. (1,12).

Туһаныллыбыт литература.

1. Каженкин И.И. "Харыстас" таҥара үөрэҕэ. - Дьокуускай: ГБУ РС(Я) "Бизнес-инкубатор", 2015. - 128 с.