Аввакумова Мария Ивановна

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Аввакумова Мария ИвановнаСаха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна.

Олоҕун олуктара

1956 с. Сунтаар сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ. 1976 с. Магаданнааҕы педагогическай институкка киирбитэ, онтон бүтэрэн Сунтаар алын сүһүөхтээх оскуолатыгар учууталынан анаммыта.

М. И. Аввакумова — уопуттаах, айымньылаахтык үлэлиир учуутал. Идэтийбит таһымы мэлдьи үрдэтэр: саҥа суоллары уонна ньымалары көрдүүр, коллегаларын уонна өрөспүүбүлүкэ бастыҥ уопуттарын киллэрсэр, учууталлар саҥа технологияларын чинчийэр уонна улуус, республика таһымнарыгар бэйэтин педагогическай уопутун тарҕатар. Мария Ивановна-экспериментатор учуутала. "Школа «РОСТА, школа развития» республикатааҕы эксперимеҥҥэ, оҕолору үөрэтии эксперименигэр Хамраева «Русский язык для тюркских школ» өрөспүүбүлүкэтээҕи эксперимеҥҥэ кыттыбыта. Кини «Доруобуйа», «Ыал», НОУ «Кыым» оскуола сайдыытын программатын автора. «РОСТ» кинигэ оҥорооччуларыттан биирдэстэрэ буолар.

Өр кэмҥэ Мария Ивановна начальнай кылаас учууталларын методическай холбоһугун салайбыта. Кылаас салайааччытын быһыытынан үлэтин ис хоһооно интэриэһинэй. Кини төрөппүттэрэ — кылааска иитэр үлэҕэ тэрээһинигэр кытталлар, интэриэһинэй куруһуоктары ыыталлар. «Мин төрөппүттэрим — мин көмөлөһөөччүлэрим» диэн ыстатыйа «РОСТ» кинигэтигэр, педагогическай университеты тэрийбит «аһаҕас уруок» педагогическай идеяларын фестивалын чэрчитинэн 2008 с. бэчээттэммитэ.[1][2]

Наҕараадалара уонна ытык ааттара

  • Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна.
  • «Саха Өрөспүүбүлүкэтин Учууталларын учуутала» бэлиэ.
  • РФ наукаҕа уонна үөрэхтээһиҥҥэ министерствотын Бочуотунай грамота[2][1].

Быһаарыылар

  1. 1,0 1,1 Педагогическая энциклопедия / М-во образования Респ. Саха (Якутия); [ред.коллегия: И. П. Любимова, М. Ю. Присяжный, В. И. Тихонов; сост. Иванова (Зверева) В. С.]. — Якутск, Т. 6. — 2022. — 392 с.
  2. 2,0 2,1 Сунтаар улууһугар үөрэҕирии сайдыыта / [хомуйан оҥорон бэчээккэ бэлэмнээтилэр: И. Т. Назаров, Н. И. Алексеев; эппиэттиир ред. М. И. Аввакумова]. — Дьокуускай : Бичик, 2009. — 272 с.

Сигэлэр