Абулиш Ибрагим
Абулиш Ибрагим | |
---|---|
араб. إبراهيم أبو العيش | |
Төрөөбүт күнэ | 23 кулун тутар 1937[1] |
Төрөөбүт сирэ | |
Өлбүт күнэ | 15 бэс ыйын 2017[2][1] (80 сааһыгар) |
Өлбүт сирэ | |
Дойду | |
Үлэтэ | Химик, фармаколог, участник международного форума |
Наҕараадалар уонна бириэмийэ | |
Биики Хааһахха миэдьийэ билэлэр |
Ибрагим АбулишХалыып:Ar, Халыып:En; Маштуль-эс-Сук, урбаанньыта уонна менеджерэ, «Секем» холдинг салайааччыта (ааҥл. SEKEM)[4][5][6][7][8].
2003 сыллаахха "Чөл олоҕу тутуһуу иһин" бириэмийэни ылбыт.[4].
Биографията
Ибрагим Абулиш 1937 сыл]]лаахха кулун тутар 23 күнүгэр Маштуль-эс-Сук куоратыгар (мухафаза Шаркия) төрөөбүт[6].
1956 сылтан саҕалаан Австрияҕа Грац үнүбэрситиэккэ химияны уонна медицинаны үөрэппит, 1969 сылга фармакология уобалаһыгар дуоктар истээпэнин ылбыт[5][6].
1960 сыллаахха ойох ылбыт; онно икки кыыстааммыт[6].
Австрияҕа фармацияҕа чинчийиилэргэ салайар дуоһунастарга үлэлээбит[6].
1977 сыллаахха Эгиипэккэ сылдьан төрөөбүт дойдутун кыһалҕаларын көрбүт - экономикаҕа кирииһис, намыһах таһымнаах үөрэхтээһин, тулалыыр эйгэни, айылҕаны киртитии[6][8].
Австрияҕа 20 сыл олорон баран, итинтэн сылтаан, дьиэ кэргэнин кытта дойдутугар Эгиипэккэ төннөргө быһаарыммыт[8].
Секем» (ааҥл. SEKEM) социаль венчур тэрилтэни тэрийбит[9][7][8]..
Бастакы тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэтэ «Секем» 70 акр кумах куйаар (Каир куораттан хотулуу-илин сиргэ) үөскээбит[6].
Өр сыллаах үлэтин түмүгэр арыйбыт уонна салайар хуолдина органик бородуукталар уонна үүнээйиттэн оҥоһуллар эм-том ырыынагар лиидэр буолбут[6].
Хампаанньата тыа хаһаайыстыбатыгар биодинамик миэтэттэри туттууну, кэбийээччилэри утары экологияҕа хоромтото суох успуосаптарынан охсуһууну тарҕатар, оһуоба хлопок үүннэриитигэр[6].
Ибрагим Абулиш - Эгиипэккэ уонна аан дойдуга биллибит урбаанньыт, оскуолалары, үөрэхтээһиҥҥэ бырагырааммалары, медицина кииннэрин, бирикладной ускуустуба уонна наукалар Академиятын, чааһынай үнүбүрсүтүөтү тэрийбитэ[6].
2003 сыллаахха "XXI үйэ моделын оҥоруу" уонна экономикаҕа ситиһии интеграциятын моделин оҥорон "Чөл олох иһин" бириэмийэни ылбыт[6][4].
Тус олоҕо
Ойохтоох, икки кыыс оҕолоох Хелми (Helmy, 1961) уонна Мону (Mona, 1963).
Быһаарыылар
- ↑ 1,0 1,1 Ibrahim Abouleish // Munzinger Personen (нем.)
- ↑ http://www.elyomnew.com/news/24hours/2017/06/15/70040
- ↑ Атыннык: Абулеиш, Абоулиш, Абоулеиш, Аболейш.
- ↑ 4,0 4,1 4,2 Sekem / Ibrahim Abouleish (2003, Egypt)(ааҥл.). The Right Livelihood Award (2003). Тургутулунна 22 Муус устар 2015.
- ↑ 5,0 5,1 Dr. Ibrahim Abouleish (Councillor Biographies)(ааҥл.). World Future Council. Тургутулунна 22 Муус устар 2015.
- ↑ 6,00 6,01 6,02 6,03 6,04 6,05 6,06 6,07 6,08 6,09 6,10 Ibrahim Abouleish(ниэм.). chemie.de. Тургутулунна 22 Муус устар 2015.
- ↑ 7,0 7,1 Джоанна Мэйр и Кейт Гэнли. Социальное предпринимательство: инновации для устойчивого развития . — 2010. — С. 109-120. Печатается по: Johanna Mair and Kate Ganly. Social Entrepreneurs: Innovating Toward Sustainability (en) // Worldwatch Institute State of the World 2010: Transforming Cultures. From Consumerism to Sustainabilit. — New Yor: W.W. Norton & Company, 2010. — P. 103-109.
- ↑ 8,0 8,1 8,2 8,3 Ангелина Горбунова. Пять мифов о социальном предпринимательстве(нууч.). Частный Корреспондент (14 декабря 2014 </noinclude>). Тургутулунна 29 Муус устар 2015.
- антропософией Рудольфа Штейнера
Сигэлэр
- Facebook: facebook.com/ibrahimabouleish