Абдуллах Фарах

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Фарах Зейнеп Абдуллах
туур. Farah Zeynep Abdullah
Төрөөбүт күнэ 17 атырдьах ыйын 1989({{padleft:1989|4|0}}-{{padleft:8|2|0}}-{{padleft:17|2|0}}) (35 саастаах)
Төрөөбүт сирэ Бешикташ, Стамбул
Гражданство ТуурсуйаFlag of Turkey.svg Туурсуйа
Үлэтэ актриса, певица
Ситим-сир fzaofficial.com
Логотип РУВИКИ.Медиа Биики Хааһахха миэдьийэ билэлэр

Фара́х Зейне́п Аблулла́х (туур. Farah Zeynep Abdullah; 1989 сыллаахха атырдьах ыйын 17 күнүгэр төрөөбүт, Турция өрөспүүбүлүкэтэ, Стамбул) — турок омугун биллиилээх артыыһа.

Биографията

Фарах 1989 сыллаахха атырдьах ыйын 17 күнүгэр Турция Стамбул куоратыгар төрөөбүтэ. Кини аата арааб тылыттан «дьол» диэн тылбаастанар. Фарах аҕата Оман Абдуллах, ирак туркменэ, ийэтэ Гюлай Абдуллах турок, дьиэ хаһаайката. Фарах Станбул куоракка "Сен-Мишель" диэн француз лиссиэйигэр үөрэммитэ, оттон орто оскуоланы Улуу Британияҕа. Кини француз уонна ааҥыл тылынан холкутук кэпсэтэр. Оскуолаҕа үөрэнэр кэмигэр араас таүымнаах тыйаатыр туруорууларыгар кытта. Биир оннук туруорууга кытта "Оскуола бастыҥ артыыһа" ааты ылбыта.

Карьерата

Фарах киинэҕэ 2010 сыллаахтан ыла уһуллан барбыта. Кини аан бастакы кыттыбыт бырайыага «Бесценное время» диэн ааттаах киинэ сэрийээлэ этэ. Онно Фарах үс сыл усталаах туоратыгар Айлин Акарсу диэн кыыс дьахтар оруолун толорбута. Ити кэнниттэн Фарах «Сон бабочки» киинэҕэ Медиха улахан оруолун оонньообута. 2014 сыллаахха Фарах «Курт Сеит и Александра» диэн улахан киинэҕэ Шура диэн ааттаах нуучча аристократа кыыһы оонньообута. Ол кииниэҕэ киниэхэ партнер быһыытынан эмиэ биллиилээх артыыс, улахан сулус Кыванч Татлытуг уһуллубута. Александр оруолун оонньуоҕуттан Фарах Арассыыйаҕа биллэр көстөр буолбута. Ити кэннэ «Шепни, если забуду» сэрийээлгэ уонна «Маленькая проблема Эйлюль» киинэлэргэ уһуллубута. .


Фарах «Бесценное время», «Сон бабочки», «Шепни, если забуду» диэн киинэлэргэ уһуллан барыта 14 улахан наҕарааданы ылбыта.

Киинэҕэ уһуллубат кэмигэр Фарах ырыанан дьарыктанар.

Тус олоҕо

2013 сыл ортотуттан Гёкхан Тирьяк диэн артыыһы кытта доҕордоспута. 2016 сыллаахха кинилэр арахсыбыттара. 2017 сылтан «Великолепный век: империя Кёсем» киинэҕэ бииргэ оонньообут артыыһа Джанер Джиндоругу кытта билсибитэ уонна ол сыл эмиэ арахсыбыта.

Сигэлэр

https://ru.wikipedia.org/wiki/%D0%90%D0%B1%D0%B4%D1%83%D0%BB%D0%BB%D0%B0%D1%85,_%D0%A4%D0%B0%D1%80%D0%B0%D1%85_%D0%97%D0%B5%D0%B9%D0%BD%D0%B5%D0%BF